Суруналыыс, кыраайы үөрэтээччи Петр Атласов-Элгиинискэй төрөөбүтэ 90 сылыгар

Соторутааҕыта Томтор нэһилиэгин ааҕар балаҕаныгар уочараттаах, дириҥ суолталаах тэрээһин ыытылынна.

Ол быһыытынан үлэһиттэр биһиги көлүөнэ учууталбыт, кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Петр Николаевич Атласов-Элгиинискэйгэ аналлаах көрсүһүүгэ дьону-сэргэни түмтүлэр.

Дьаһалга Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ эмиэ сырыттылар.  Бары кыраайы үөрэтээччи Роза Дягилева ахтыытын сэргээн, болҕойон иһиттибит. Аҕа көлүөнэ дьоно оҕо сааспытыгар эргиллэн, хас биирдиибит уруккуну ахтан-санаан аастыбыт, истиҥник сэһэргэстибит.

Роза Тимофеевна үтүө киһи Бүөтүр Элгиинискэй сырдык аата ааттаныахтаах диэн санааттан, кини олоҕун-дьаһаҕын, айар үлэтин туһунан кинигэ таһааттарарга этии киллэрдэ. Чахчы да биирдэ бэриллэр олоххо чаҕылхайдык олорбут учууталбыт аата үйэтитиллэн, тапталлаах Өймөкөөнүн устуруойатын биир сырдык кэрчигэ буолан үүнэр көлүөнэлэргэ нэһилиэстибэ быһыытынан хаалыахтаах буоллаҕа.

Дария Тихомирова, биһиги общ. корр., Томтор

Читайте дальше