Сордоҥноохтон халыҥ аймах Дягилевтар түмсэн оттууллар

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйылгы сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ мээнэҕэ буолбатах. Киһи уйгута, дьоло-соргута дьиэ кэргэнтэн саҕыллар. Этэргэ дылы, эрэллээх тыыллаах, дьоллоох киһи уопсастыба дьоһуннаах чилиэнэ буолара саарбахтаммат.

Сордоҥноох нэһилиэгэр Дягилевтар халыҥ аймах кырдьаҕас убайдара Филипп Тимофеевич быйыл ханна от өлгөмнүк үүммүт сирин таба тайанаары, дьон бары окко киирбитин кэннэ хойутаан от үлэтин саҕалаабыта.

Аҕам саастаах киһи сылгы базатыттан сайылыгар, урут оттуу сылдьыбыт сиригэр төттөрү-таары көһөрүгэр күтүөтэ Михаил Винокуров көмөлөһөн абыраабыта. Соторутааҕыта Дьокуускайтан Филипп Тимофеевич быраатын оҕолоро, аймахтара уонча буолан кэлэн, икки нэдиэлэ устата окко күүс-көмө буоллулар. Кинилэр уопсайа уон кэбиһиини туруоран кырдьаҕас убайдарыгар көмөлөһөн бардылар.

  • Бырааппыт, үйэтин тухары өрөспүүбүлүкэ бэтэринээринэй салаатыгар үлэлээбит Дягилев Григорий Тимофеевич олохтон барбыта үһүс сыла. Кини күһүн-саас кэлэн убайыгар бултуу таарыйа окко, тутууга өрүү көмөлөһөрө. Билигин кэргэнэ, оҕолоро, сиэннэрэ кинини солбуйаллар. Ону тэҥэ атын аймах-оҕолор дойдуларыгар Сордоҥнооххо кэлэн үһүс сайыннарын оттоотулар.

Убайбыт Ф.Т. Дягилев аатыттан өрүүтүн күүс-көмө буолар аймахтарбыгар улуус сахалыы тыллаах хаһыатын нөҥүө барҕа махталбытын тиэрдэбит, куруутун бары маннык өйдөһөн-өйөнсөн олоруоҕуҥ, — диэн хаһыакка суруйдулар Дягилевтар аймах.

Ити курдук үөрүүгэ-хомолтоҕо, үлэҕэ-сынньалаҥҥа өрүүтүн бииргэ буолар киэҥ аймах, иллээх дьиэ кэргэн Өймөкөөн улууһугар элбэх.

Любовь Кривошапкина

 

Читайте дальше