Сордоҥнооххо оҕо лааҕырын олоҕо күөстүү оргуйуоҕа

“Тыа киһитэ сүөһүтэ суох сатаммат, ииттинэн олорор сүрүн дьарыкпыт буоллаҕа”, — диэн санаалаах Сордоҥноох нэһилиэгин олохтооҕо Марта Дягилева.

Биһиги кэтэх хаһаайыстыбабытынан дьарыктаммыппыт 23 сыл буолла, — диэн кэпсиир Марта Тимофеевна. — Кэргэмминээн 10-тан тахса сүөһүнү, сылгыны кыстыгы туораттыбыт. Маны таһынан хаас, куурусса тутабыт.

Билиҥҥи уустук кэмҥэ тыа сиригэр бэйэ хаһаайыстыбалаах эрэ киһи тиийинэн олорор. Сайыҥҥы өттүгэр

Сайын аайы “Буордаах” диэн сайылыкка көһөбүт, онно оҕолорго анаан үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийэбит. Итинэн оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр эмиэ көмө буолабыт уонна бэйэ аһа-үөлэ, үүтэ-сүөгэйэ диэн туохтааҕар даҕаны күндү, туһалаах буоллаҕа.

 Михаил Винокуров уонна Марта Дягилева 1993 сыллаахха сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттара быйыл номнуо 30 сыл буолбут. Кинилэр 4 оҕолоохтор, 5 сиэннээхтэр.

Марта Дягилева 1983 с. ветеринарнай техникуму бүтэрбитэ. Онтон аны дойдутугар сопхуостан саҕалаан бэтэринээринэн үлэлээбитэ быйыл 40 сыла буолла.

— Биһиги кэргэмминээн 2000 сылтан ыла сүөһү-сылгы иитэбит. Биэс ыанар ынахтаахпыт, биир атыыр оҕус уонна тоҕус субан сүөһү баар. Уопсайа 14 хороҕор муостааҕы иитэбит. Куурусса ииттэн абыранныбыт, күн аайы сымыыттыыллар, — диэн сэһэргиир Марта Тимофеевна.

Быйыл халаан уута кэлэн, оттооһуҥҥа уустук балаһыанньаны үөскэттэ.

Томтор, Өймөкөөн, Сордоҥноох нэһилиэктэригэр уу киирэн ыксаллаах быһыы-майгы буола сырытта. Куйдуһун үрэххэ уу таһыма үрдээн, 2 нэһилиэк сылдьар муостата алдьанан харгыстары үөскэттэ, лааҕырга кэлиэхтээх оҕолорбут хаайтардылар.

Биһиги лааҕырбытыгар 10-нуу оҕо сылдьааччы. Быйыл былаан быһыытынан 5 оҕо кэлиэхтээх. Иһит сууйуутугар, ас астыырга 2 кыыс илии-атах буолар. Сорох оҕолор үөрэххэ туттарсан баран, лааҕырга хойутуу кэлэр былааннаахтар.

Биһиэхэ үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар Өймөкөөн нэһилиэгиттэн, Дьокуускайтан тиийэ кэлээччилэр. Уус-Ньаратааҕы Оҕо дьиэтиттэн эмиэ оҕолор кэлэн үлэлээн барааччылар. Манна үксүн уолаттар сылдьаллар. Кэргэним уолаттары мас мастыырга, от охсорго, уһанарга үөрэтэр. Оҕо оҕоттон көҕүйсэн элбэххэ үөрэнэр. Оҕолорбут улахан киһи, дьахтар үлэтэ диэн аахсыбакка, барытыгар ылсан иһэллэрэ кэрэхсэбиллээх.

Оҕолорбут наар үлэнэн эрэ муҥурдамматтар, сынньалаҥнарын эмиэ туһалаахтык тэрийэргэ кыһаллабыт. Ол курдук хайаҕа тахсааччыбыт, чугас эргин сир астыыбыт, балыктыыбыт.

Мин кыргыттары оҕуруот аһын көрөргө-харайарга, үтүө хаһаайка буоларга үөрэтэбин. Тыа сиригэр үрүҥ ас дэлэгэй буолан, оҕолор уһун сайыҥҥа онон үссэнэн абыраналлар.

  • Кэргэним Михаил Прокопьевич тыа сирин киһитин сиэринэн, үлэһит бэрдэ.

Кини бэйэтин хаһаайыстыбатын таһынан кырдьаҕас, кыаммат дьон сылгыларын 2-с базаҕа көрөр-истэр, аһатар, — диэн кэпсиир Марта Тимофеевна.

  • Ыччат тыа сиригэр олохсуйан сүөһү-ас тутарыгар чопчу тустаах өйөбүл баар буоллаҕына, кинилэр да ылсыа этилэр – дии саныыбын, — диэн бигэ эрэллээх Сордоҥноох биир ытыктанар үлэһит ыалын хаһаайката Марта Тимофеевна Дягилева.

Евдокия Егорова

Читайте дальше