Эргэ «Халыма» трассатыгар, Орто-Балаҕан нэһилиэгин эҥэр олохтоохтор “Переправа” диэн учаастакка, сэбиэскэй кэмҥэ тутуллубут муоста эмсэҕэлээбитэ. Онтон сылтаан бу муостанан ааһар оптоволоконнай сибээс хаабыла быстан хаалбыта. Ону тэҥэ үрэх уҥуор сир астыыр, оттуур-мастыыр, бултуур-алтыыр дьон хаайтарбыттара биллэр.
Бу кыһалҕаны хайдах быһаарбыттарын туһунан нэһилиэк баһылыга Альберт Вензель иһитиннэрдэ.
— Биһиги соторутааҕыта, уу таһыма түспүтүн кэннэ, нэһилиэк олохтоохторо Алексей Гермогенов, Николай Винокуров буолан, “Импульс” хампаанньа икки үлэһитин кытта үрэҕи тыынан туораан, манан ааһар оптоволоконнай хаабылы сөргүтэн холбоотубут. Онон Сордоҥноох нэһилиэгэр сибээс, интэриниэт олохтонно, — диэтэ Альберт Николаевич.
– Хомойуох иһин, бу сүүнэ муостаны чөлүгэр түһэрии аны кыаллыбат. Былыр үйэҕэ тутуллубут, бэйэтин кэмигэр улуус тыатын сиригэр улаханнык туһалаабыт муостаны өрөмүөннүүр биһиэхэ кыаллыбат, көҥүллэммэт даҕаны.
Мин түгэнинэн туһанан, нэһилиэк туһугар хаһан баҕарар кыһаллар, өрүү ыҥырдыҥ эрэ иннилэринэн сылдьар үөһээ ааттаабыт эр бэртэригэр махталбын биллэриэм этэ.
Ити курдук Орто-Балаҕан олохтоохторо төрөөбүт дойдуларын инникитин туһугар дууһаларынан ыалдьар буолан, бары биир киһи курдук нэһилиэктэрин туһугар туруулаһан кэллэхтэрэ.
Любовь Кривошапкина