Өймөкөөн улууһугар үлэ миэстэтин таһааран, бэйэ дьыалатын тэринэн үлэлии сылдьар киһи үгүс.
Кэлиҥҥи сылларга нэһилиэк аайы социальнай хантараагынан бэйэлэрин дууһалара сытар үлэлэригэр таба тайанан, дьонноругар-сэргэлэригэр туһалыыр дьон ахсаана биллэ элбээтэ.
Сордоҥноох нэһилиэгин олохтооҕо Альберт Захаров былырыыҥҥыттан килиэп буһарыытынан дьарыктанар.
— Мин Сордоҥнооххо күтүөппүн. Бэйэм 1995 сыллаахха улуус киинигэр Уус-Ньараҕа Сунтаартан үлэлии кэлбитим. Онтон бу дойду айылҕатын, олоҕун-дьаһаҕын сөбүлээн олохсуйарга санаммытым. Онуоха олоҕум аргыһын көрсүүм төрүөт буолбута. 1998 сыллаахха кэргэним төрөөбүт Сордоҥнооҕор көһөн кэлбиппит. Түөрт оҕолоохпут. Улахан уолбут быстах кэмнээх байыаннай эпэрээсийэҕэ сылдьар. Кыыспыт – устудьуон, икки кырабыт – оскуола дьоно. Кэргэним доруобуйатыгар хааччахтаах буолан, дьиэтигэр олорор, оҕолорун көрөр.
Биэкэрдиэм иннинэ араас үлэҕэ сылдьыбытым. Былырыын Хабиевтар “бэкээринэбит үлэтин тохтотор буоллубут, эн ылыс” диэбиттэригэр, социальнай хантараагы түһэрсэн, “боруобаланан көрөргө” диэн санаалаах ылсыбытым. Ол эрээри, дохуот киирбэт үлэтэ эбит. Онон өссө эбии үлэлэммит киһи диэн толкуйдаахпын. Социальнай хантараахха үлэ иккис көрүҥэ көҥүллэнэрэ дуу, холобура, сылгы ииттибит киһи. Күҥҥэ 36 килиэби буһарабын. Дьиэбиттэн биир хоһу ылан, онно тэрилбин туруорбутум. Туспа дьиэлэннэххэ, уутугар-хаарыгар, итиитигэр-уотугар оҕустаран, ночоотуран тахсыыһыбын. Килиэбим ахсаана сотору оттооһун кэмэ саҕаланнаҕына арыый да элбиэҕэ. Уонна саас-күһүн кус саҕана эбии буһаттарааччылар. Кыһын килиэп буһаран туһа суох, ылбаттар. Бурдук аһы бэйэлэрэ астанар буолан, атыы барбат, — диэн кэпсиир Альберт Захаров.
Нэһилиэк биэкэрэ бурдугун “Якутопторг” тэрилтэттэн ылар эбит. Олохтоох дьаһалта сайаапка түһэрэр. Онон бурдугунан хааччыллыыта үчүгэй.
Тыа сирин биэкэрэ социальнай хантараакка дуогабар баттаһан, 300-чэкэ тыһ. солк., эбии улуустааҕы Үлэлээх буолуу кииниттэн эмиэ өйөбүлүнэн туһаммыт. Ол харчытынан икки туттулла сылдьыбыт бэкээринэ тэрилин атыыласпыт эрээри, биирин, дьиэтэ кыараҕас буолан, туттубакка турар. Онон өссө эбии үлэ булунан, эбии дохуот киллэринэн, туспа бэкээринэ дьоҕус дьиэтин туттар баҕалаах.
Ити курдук, тыа сирин олохтооҕо бэйэтигэр үлэ булунан, кэскиллээх толкуйдары торумнуур.
Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата