Өймөкөөн оройуонун олохтоохторо социальнай хантараак өҥөтүнэн актыыбынайдык туһаналлар. Кэнники кэмҥэ үлэтэ суох дьон бастакы хардыыларын оҥорон бэйэ дьыалатын тэринэллэригэр, социальнай көмүскэл Управлениетын нөҥүө оҥоһуллар социальнай хантараак көмөтө бигэ тирэх буолар.
Соторутааҕыта биһиги кэрэспэдиэммит улуустааҕы социальнай көмүскэл Управлениетын кылаабынай исписэлииһин Инна САВВИНОВАНЫ кытта көрсөн, ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстө.
Инна Владимировна, эн хаһааҥҥыттан бу хайысхаҕа үлэлиигиний?
— Мин 2021 сылтан Уус-Ньараҕа Өймөкөөн оройуонун социальнай көмүскэл Управлениетыгар үлэбин саҕалаабытым. Социальнай хантараак салаатыгар 2023 сылтан сыһыарыллан үлэлиибин.
Соцхантараагынан көмө оҥоһулларыгар быйылгы былааҥҥа туох баарый?
— Бу хайысхаҕа 2024 сыллааҕы былааны билиһиннэрдэххэ маннык:
— урбаан салаатыгар — 10 квота көрүллэр;
— т/х тус хаһаайыстыбаны (ЛПХ) тэриниигэ — 10 квота;
— үлэ көрдөөһүнугэр сыһыаннаах — 5 квота;
— олохторугар ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо (ТЖС) аналлаах бырагыраамма биэс хайысханан ыытыллар;
— үлэлиир кыахтаах инбэлиит дьоҥҥо аналлаах бырагырааммалар бааллар (ЛПХ уонна урбаан хайысхатынан);
— биэнсийэҕэ барбыт аҕа саастаах дьоҥҥо 70 саастарыгар дылы (ИП, урбаанньыт) көмө оҥоһуллар.
Быйыл улууска төһө киһи социальнай хантараак өҥөтүгэр сайаапка биэрэн туһанна?
— Кылгастык билиһиннэрдэххэ, урбаан салаатыгар — 6 киһи ылбыта; ЛПХ – 1 дьиэ кэргэҥҥэ; үлэ көрдөөһүнүгэр — 1 киһиэхэ; ТЖС — 9; инбэлииттэргэ анал көмөҕө — 1 дьиэ кэргэҥнэ уонна биэнсийэлээхтэргэ урбааҥҥа — 1 дьиэ кэргэҥҥэ көмө харчыны биэрбиппит.
Ордук улуус ханнык нэһилиэктэриттэн элбэх сайаапка киирбитэй?
— Хантараак өҥөтүнэн туһанарга Өймөкөөнтөн, Уус-Ньараттан, Үчүгэйтэн (дьиэ кэргэн сибиинньэ иитиитэ), Томтортон, Сордоҥноохтон сайаапкалар киирбиттэрэ. Билигин кинилэр үлэлэрин тэринэ сылдьаллар, үлэҕэ-хамнаска наадалаах тэриллэрин, матырыйаалларын булуналлар, онтон сыл бүтүүтэ дьэ үлэлэрин-хамнастарын ыкса ылсыахтара.
Хантараак көмө бырагыраамматыгар былырыын төһө ыал киирсибитэй? Уонна быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла буоллаҕа, онон үлэлэрэ салҕанан барар.
— Биэрэк-Үрдүттэн Иван Слепцов ЛПХ бырагыраамматын сылгылары атыыласпыта, билигин отчуот оҥостон үлэлии-хамныы сылдьар. Томторго олорор урбаанынан дьарыктанар Корниловтар дьиэ кэргэттэрэ шиномонтаж арынан үлэлииллэр. Аартык бөһүөлэгиттэн Сардаана Винокурова кондитерскай тэринэн ситиһиилээхтик үлэлиир. Төрүттэн Мария Атласова – эмиэ кондитерскайга, уус-ньаралары ыллахха, Елена Андросова тоҥмут аһы-үөлү оҥорорго тус дьыалатын хаҥатыыга хантараак ситимин туһаммыттара, Наталья Форпосова лазернай депиляциянан дьарыгырар, Олег Муратов фотоателье арынан үлэлиир. Бу дьон бары ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьаллар диэххэ сөп, – диэн социальнай көмүскэл Управлениетын исписэлииһэ Инна Саввинова бэлиэтиир.
Түмүккэ Саха сирин олохтооҕор социальнай хантараак түһэрсэригэр ирдэбиллэри санатабыт:
— бэйэтэ уонна дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторо буолуохтаахтар;.
— сайаапка түһэрээччини кытта сокуоннай саастарын сиппит дьиэ кэргэн чилиэннэрэ бары социальнай хантараакка сөбүлэһэллэрин биллэриэхтээхтэр;.
— сайаапка түһэрээччи уонна дьиэ кэргэн чилиэннэрэ ИП, бааһынай хаһаайыстыба учредителлэрэ буолуо суохтаахтар;
— дохуоттара олох таһымын алын кээмэйиттэн кыра буолуохтаах;
— дохуоттарын, баайдарын-дуолларын, дьиэ кэргэннэрин састаабын туһунан кырдьыктаах информацияны биэриэхтээхтэр.
Социальнай хантараак 3 ыйтан 1 сылга диэри оҥоһуллар. Тирэҕирэр сокуона – 2017 с. от ыйын 3 к. 207 нүөмэрдээх СӨ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа.
Мария ГЕРМОГЕНОВА