Сэтинньигэ — олоҥхо күннэрэ

Сэтинньи 25 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүн бэлиэтээбиппит.

Ол чэрчитинэн Томтор нэһилиэгэр улуустааҕы олоҥхо күрэҕэ буолан ааспыта. Күрэх үс көрүҥүнэн барбыта: дакылаат көмүскээһинэ, уруһуй уонна Олоҥхо толоруута. Биһиги оскуолабытыттан уопсайа 50-н тахса оҕо кыттыыны ылбыта.

Уопсай түмүккэ Өймөкөөн орто оскуолата муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын ылан, дипломунан уонна 50 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаламмыта. Салайааччыларга уонна кыттыбыт үөрэнээччилэргэ эҕэрдэ бастыҥа этилллибитэ.

Бэйэбит оскуолабытыгар эмиэ Олоҥхо күнүн бэлиэтиир бэрт сэргэх тэрээһин ыытыллыбыта.

Онно саха норуотун чулуу уолун, бөлүһүөгүн,  судаарыстыбаннай диэйэтэлин, аптаныамыйаны төрүттэспит мындыр бэлиитикпитин, үрдүк таһымнаах салайааччыбытын, билими тэрийээччибитин, дэгиттэр талааннаах суруйааччыбытын, улуу киһибитин П.А.Ойуунускайы ахтан-санаан ааспыппыт.

Оҕолор кылаастарынан олоҥхо толорбуттара, уруһуй уонна кинигэ быыстапката тэриллибитэ.

Тэрээһин добун оһуокайынан түмүктэммитэ.

Ити курдук биһиги норуот тылынан айымньытын үрдүктүк сыаналыыбыт, үтүө үгэс быһыытынан өрүүтүн илдьэ сылдьабыт.

Давид Канаев, 8-с кылаас, Өймөкөөн

Читайте дальше