Сахамин Афанасьев 1998 с. Иркутскайдааҕы техническэй университеты “тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна айылҕа ресурсаларын сөптөөхтүк туһаныы” специальноһын, 2003 с. – Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын, 2019 с. РФ Президенин иһинэн Россиятааҕы норуот хаһаайыстыбатын уонна судаарыстыбаннай сулууспа академиятын бүтэрбитэ.
1998 с. үлэтин СӨ Судаарыстыбаннай олох-дьаһах инспекциятын инспекторынан саҕалыаҕыттан бу инспекция анализ-быраап управлениетын начаалынньыгынан, кылаабынай инспекторы солбуйааччынан, Аллараа Халыма дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччынан, дьаһалта управляющайынан, СӨ Президенин уонна Правительствотын дьаһалтатын олохтоох бэйэни салайыныы боппуруостарыгар Департаменын салайааччынан үлэлээбитэ. 2011-2014 сс. “Биир ньыгыл Россия” Бүтүн Россиятааҕы политическай партия Саха сиринээҕи региональнай салаатын толоруулаах кэмитиэтин салайбыта.
Сахамин Миланович Афанасьев 2014-2021 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологиятын, айылҕа баайын туһаныытын уонна ойуур хаһаайыстыбатын министринэн үлэлээбитэ. 2021-2023 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин VI-c ыҥырыытын дьокутаата, парламеҥҥа сир сыһыаннаһыыларын, айылҕа ресураларын уонна экология бастайааннай кэмитиэтин салайбыта. 2023 с. балаҕан ыйын 10 күнүгэр “Биир ньыгыл Россия” партияттан Халыма-Индигир биир мандааттаах 34№-дээх уокуругуттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин дьокутаатынан талыллыбыта. РФ Федерациятын Сэбиэтигэр көһөрүнэн дьокутаат боломуочуйатын устуммута. 2023 с. алтынньы 4 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэниттэн РФ федеральнай мунньаҕа Федерация Сэбиэтигэр сенатор, федеративнай тутулга, региональнай политикаҕа, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна Хоту сир дьыалаларыгар кэмитиэтин чилиэнэ.
Бүгүн Сахамин Миланович Афанасьев сенатор буолуоҕуттан үлэтин сүрүн хайысхаларын туһунан бар дьонугар кэпсиир.
— Миэхэ федеральнай таһымҥа үрдүк эппиэтинэстээх үлэ саҥа кэрдииһэ саҕаламмыта. Кэмитиэт мунньахтарыгар, парламент истиилэригэр, пленарнай, сүбэ мунньахтарга көхтөөхтүк кыттан, Саха сирин олохтоохторун кыһалҕаларын быһаарыыга көмөлөһөн, өрөспүүбүлүкэ туруорсар соруктарын быһаарсан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин сокуону оҥорууга көҕүлээһиннэригэр үлэлэһэн кэллим. Хотугу сир сайдыытын, олохтоох бэйэни салайыныы, сир сыһыаннаһыыларын кэмитиэтин мунньахтарыгар хаста да дакылаат оҥордум. Федерация Сэбиэтин пленарнай мунньахтарыгар ордук суолталаах боппуруостары дьүүллэһиигэ кытынным.
Россия парламенын үрдүкү палаататын ааспыт политическай дьыла судаарыстыба Президенэ туруорбут национальнай сыалларын ситиһиигэ туһуламмыт ордук сытыы соруктарын быһаарыыга ананна. Үлэ сүрүн хайысхата – РФ уонна кини субъектара туруктаах сайдыылара буолар. Нолуок систиэмэтин уларытыы буолла, үрдүк тус, эбэтэр корпоративнай дохуоттаахтар үрдүк нолуогу төлүөхтэрэ, хаһаайыстыбаннай үлэҕэ тэҥ усулуобуйа оҥоһуллуоҕа. РФ Президенэ көҕүлээбит уларыйыылара фискальнай ноҕуруускалары сөптөөхтүк тыырар уонна кылаабынайа, Россия ыалларын нолуоктарын кыччатар кыахтаныахтара.
Сааскы сиэссийэ сокуону оҥорууга сүрүн быһаарыыларынан элбэх оҕолоох ыалы уонна байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйөөһүн буолла. Федерация Сэбиэтэ нэһилиэнньэ бу араҥатын өйөөһүн саҥа суолларын булууга, олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ, бары гражданнар социальнай көмүскэллээх буолууларыгар көхтөөхтүк үлэлээтэ.
Федерация Сэбиэтин үлэтэ РФ Президенин, Правительствотын уонна ситэриилээх былаас федеральнай органнарын кытта ыкса ситимнэһэн, бииргэ сүрүннэһэн ыытыллар эбит. Маннык бииргэ үлэлээһин сенатордарга сокуон бырайыактарын оҥорууга, ылыныыга, этиилэри киллэриигэ уонна көҕүлүүргэ көдьүүстээх.
Быйыл, РФ саҥардыллыбыт Конституциятынан Федерация Сэбиэтэ РФ Президенэ күүс ведомстволарын бөлөҕүн уонна Россия Тас дойдуларга дьыалаларын министерстволарын салайааччыларын постарыгар киллэрбит кандидатураларыгар консультациялары ыытар быраап толору киирбитэ. Чопчу кэпсэтиини ыытыы кэмигэр сенатордар кандидаттар идэлэрин эҥкилэ суох баһылаабыттарын итэҕэйэр кыахтаммыппыт.
Россия туһугар ааспыт политическай дьыл ордук ситиһиилээх, таһаарыылаах буолла диэн бэлиэтиибин. Россия Федерациятын быыбарыгар Владимир Путин кыайыыта нэһилиэнньэ билиҥҥи үлэлиир былааһы өйүүрүн, итэҕэйэрин өссө төгүл бигэргэппитэ дириҥ суолталаах сабыытыйа буолла. Ол биллэн турар, национальнай сыаллары, экономика сайдыытын программаларын, социальнай өйөбүл миэрэлэрин таһаарыылаахтык олоххо киллэриини, оборуонаны бөҕөргөтүүнү салгыыр кыаҕы биэриэҕэ.
Федерация Сэбиэтин иһинээҕи Сэбиэккэ
От ыйыгар Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, региональнай бэлиитикэҕэ, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтин мунньаҕа ыытыллыбыта. Мин РФ Федерациятын Сэбиэтин иһинэн Уһук Илин, Арктика уонна Антарктика сайдыытын боппуруостарын Сэбиэтин састаабыгар киирдим. Бу Сэбиэт сокуону оҥорууну ырытыыга-анаалыстааһыҥҥа уонна РФ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокуругун уонна Арктика зонатын социальнай-экономическай уобалаһыгар киллэриигэ ураты болҕомтотун уурар. Арктика регионнарыгар транспорт суола, нэһилиэнньэҕэ анаананыгы, хаачыстыбалаах дьиэлэри тутуу, медицина көмөтүн оҥоруу таһымын үрдэтии, экология өттүнэн куттал суох буолуутун, наука уонна үөрэхтээһин, телекоммуникация боппуруостара куруук көрүллэллэр уонна быһаарыылара ылыллаллар.
Ил Түмэни сирэйдээн
Сахамин Миланович Афанасьев 2023 с. алтынньы 4 күнүттэн Федерация Сэбиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын — Ил Түмэнин бэрэстэбиитэлэ. Саха сирин олохтоохторун кыһалҕаларын быһаарыыга РФ сенаторын быһыытынан үлэлиир. Сенатор үлэтин сүрүн хайысхалара ханныктарый?
- Бастатан туран, Федерация Сэбиэтин “Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-эконоическай сайдыытын судаарыстыбаннай өйөөһүн туһунан” уурааҕын Саха сирин судаарыстыбаннай былааһын органнарыгар, ол иһигэр ситэриилээх былаас федеральнай органнарын кытта бииргэ дьайсан олоххо киллэрии соруга турар. Федерация Сэбиэтигэр бу уураах олоххо киириитигэр аналлаах быыһык мунньах буолбута. Өрөспүүбүлүкэ кыһалҕаларын быһаарыылар олоххо киириилэрин туһунан киэҥ дьүүллэһии тахсыбыта.
- Федерация Сэбиэтин хонтуруолугар уруккутун курдук Саха сирин экономикатыгар уонна социальнай кээмэйигэр сабыдыаллаах сүрүн тэрээһиннэр: доруобуйа харыстабылын, үөрэх социальнай суолталаах эбийиэктэрин, тырааныспар суолун тутуу хаалаллар.
- Докумуон бары пууннарыгар Федерация Сэбиэтин, ситэриилээх былаас федеральнай органнарын кытта бииргэ үлэлиибит. Өрөспүүбүлүкэ Правительствота, Ил Түмэн Уураахха бэлиэтэммит соруктары быһаарыыга үлэни ыытар.
- Иккиһинэн, РФ транспорын министерствотын кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туруктаах салгын суолун, региональнай уонна регионнар икки ардыларыгар таҺыы-тиэйии, таһыыга субсидиялааһын мэхэньиисимнэрин тупсарыыга, Арктика уонна Уһук Илин салгын транспорынан эрэ тиийиллэр, ыраах сытар, суола-айана уустук куораттарга уонна бөһүөлэктэргэ салгынынан таһыыны-тиэйиини хааччыйыы, авиа былаһааккалары тутан көрүү-харайыы, уларытан саҥардыы, аэропуортары тутуу, федеральнай суоллары тутуу, көрүү-харайыы, өрөмүөннээһин боппуруостарыгар тиһиктээх үлэ ыытыллар.
- Үсүһүнэн, толоруулаах былаас тус хайысхалаах федеральнай органнарын кытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствота туруорсар оттук-энергетика комплексын, тутуу салаатын, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын, атын да хайысхалар боппуруостарыгар бастайааннай төрүккэ олоҕуран үлэлиибит.
- Төрдүһүнэн, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин туһунан боппуруостары туспа бөлөх быһыытынан тутуом этэ. Манна РФ оборуонатын министерствотын кытта сураҕа суох сүппүттэри көрдөөһүҥҥэ, көрүллүбүт чэпчэтиилэри уонна төлөбүрдэри олохтооһуҥҥа, байыаннай сулууспалаахтары бойобуой наҕараадаларга түһэриини көҕүлээһиҥҥэ о.д.а боппуруостарга бастайааннай ситимҥэ үлэлэһии киирэр.
Уһук Хоту дьиэлэнии туһунан
От ыйыгар Федерация Сэбиэтигэр “О жилищных субсидиях гражданам, выезжающим из районов Крайнего Севера и приравненных к ним местностей“ Федеральнай Сокуон 2 ыстатыйатыгар уларытыыны көрөргө киллэрбитим.
Бу федеральнай сокуон РФ Конституционнай Суутун Уурааҕын толорууга оҥоһуллубута. Сокуонунан сир учаастага баара Уһук Хоту олохтооҕор, уочараттаах дьоҥҥо кытааппыт федеральнай сокуон ылыныллыан иннинэ дьиэҕэ субсидия ылар быраабын быһар кыаҕа суох.
Аччыгый авиация – сырыы-айан табыгастаах ньымата, эбэтэр субсидиялар тустарынан
Билиҥҥи кэмҥэ салгын транспорынан таһыы-тиэйии — айан-сырыы биир ордук табыгастаах ньымата. Ордук уһук хоту сытар оройуоннарга мантан атын суол суох. Маннык сирдэр экономикалара аччыгый авиацията суох сатаммат. Олохтоох салгын суолуттан нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа быһаччы ситимнээх. Саха сиригэр Арктика улуустарын аччыгый авиацията ойуур баһаардарыгар, халаан уутугар барыыга, айылҕа араас саахалыгар ыраах сытар, суола-ииһэ суох оройуоннары кытта ситимнэһиигэ улахан оруоллаах. Арктика регионнара Ан-2, Ан-3 курдук аччыгый салгын транспорынан хааччыллыылара ситэ быһаарыллыбакка турар. Ан-24, Ан-26 сөмөлүөттэри туһаныы боппуруоһа сытыытык турар. Россия Федерациятыгар бу хайысхаҕа үлэ барар, ол эрээри Арктика регионнарыгар маннык сөмөлүөттэр бакаа суохтар. Ми-8 бөртөлүөттэринэн хааччыллаллар.
Быйыл муус устарга Федерация Сэбиэтигэр 2025 сыллаахтан регион иһигэр салгынынан таһыыга-тиэйиигэ судаарыстыба субсидиялааһынын киллэрии туһунан боппуруос дьүүллэһиллибитэ. Федерация Сэбиэтэ бу көҕүлээһини өйөөбүтэ. 2025 с. регион иһигэр судаарыстыба толору дотациялааһынын быһаарыыга РФ транспорын уонна РФ үбүн министерстволарын кытта сөбүлэһиннэриэххэ наада.
Саха сиригэр сылы быһа киһи сиринэн тиийэрэ уустук сирдэригэр 443 нэһилиэнньэлээх пуун (нэһилиэнньэлээх пууннар уопсай ахсааннарыттан 76%) киирэр. Онон манна гражданскай авиация – транспорт солбуллубат көрүҥэ буолар. Арктика оройуоннарын кииниттэн Дьокуускайга диэри 604-1612 км., ол аата регионнар икки ардыларыгар айаннаабыт кэриэтэ ыраах. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр авиабилиэт сыаната регионнар икки ардыларыгар көппүт кэриэтэ сыаналаах, сорох хайысхаҕа оннооҕор үрдүк.
Салгын транспорынан айанааһын дьоҥҥо федеральнай бюджеттан хос үбүлэннэҕинэ эрэ сатанар кыахтаах. Билигин регион, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствотын күүһүнэн эрэ субсидияланар. Олохтоох маршруттары үбүлээһиҥҥэ, ол иһигэр 35 оройуон икки ардыларынааҕы, 120 оройуоннар бэйэлэрин истэринээҕи маршруттарыгар 4,4 млрд. солкуобай, федеральнай бюджеттэн бэриллэр региональнай субсидия кээмэйин учуоттаан 3,7 млрд. тыырыллара ирдэнэр.
РФ Федерациятын Сэбиэтин 2022с. ахсынньы 23 күнүнээҕи 729-СФ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экономическай сайдыытын судаарыстыбаннай өйөөһүн туһунан» Уурааҕар РФ Правительствотыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Правительствота нэһилиэнньэ айанныыр кыаҕын хааччыйыыга уонна өрөспүүбүлүкэҕэ 35 маршрукка диэри олохтоох салгын транспорын маршрутун ситимин кэҥэтии тэрээһиннэрин хос үбүлээһин туһунан этиилэрэ киирбиттэрэ.
2025 сылааҕы федеральнай бюджеккэ ылыыга уонна 2026-2027 сыллардаах былааннаммыт кэрдиис кэмҥэ бу боппуруоһу хонтуруоллуохпут.
Субсидиялаах билиэтинэн туһанар киһи субсидия олохтоох дуу, федеральнай бюджеттэн дуу кэлбитин быһаара барбат. Федеральнай бюджет олоххо киириитэ регион бюджетигэр улахан көмө буолуоҕа. Саха сирэ субсидияҕа ыытар үбүн нэһилиэнньэни социальнай өйөөһүн миэрэлэригэр туһаныах этэ. Онон регион бюджетигэр олус наадалаах.
Айылҕа чөллөөх буолуута — туруктаах олох төрдө
Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологиятын, айылҕатын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиринэн үлэлээбит уонна Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа бастайааннай кэмитиэтин салайбыт буолан, айылҕа харыстабылын кыһалҕаларын иһиттэн билэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Биир ньыгыл Россия” партия көҕүлээбит “Чистая страна” бырайыагын сүрүннээччи.
— Экология биир сытыы кыһалҕата – санкцияламматах сыбаалкалар тулалыыр эйгэ киртийиитин төрдө буолар, дьон-сэргэ, кыыл-сүөл доруобуйатыгар охсор. Бу хомойуох иһин, ханна да баар көстүү буолла. Тирээн турар кыһалҕаны быһаарыыга экология ирдэбиллэригэр, нормативтарыгар эппиэттиир полигоннары, лицензияламмыт эбийиэктэри бырайыактаан тутар ирдэнэр. Итинник уустук инженернэй тутуу бастаан судаарыстыбаннай экспертизаны ааһара наадалаах. Россия Федерациятын экологиятын уонна айылҕатын ресурсаларын министерствотын кытта бииргэ үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ бырайыактыыр-сметатын ааҕар докумуонун бэлэмнээн тобоҕу кииннээн суох гыныыга күүспүтүн ууруохтаахпыт. Өрүс кытыыларыгар баар нэһилиэнньэлээх пууннары киллэрэн туран канализациялыыр-ыраастыыр тутуу суоҕуттан экологическай кэһиллии тахсар, ууну киртитэн, дьон доруобуйатын айгыратар.
Баһаарга умайбыт ойуур чөлүгэр түһүүтэ – биир туспа кыһалҕа. Саха сирин экосистиэмэтэ ойуур баһаарыттан уонна маһы кэрдииттэн айгырыыр. Ирбэт тоҥ ириитэ улахан болҕомтону эрэйэр. Сир ириитэ дьиэ-уот хамсааһыныгар, инфраструктура алдьаныытыгар, олохтоммут отуор хамсааһыныгар тиэрдэр. Промышленнай тэрилтэлэр сири дьөлө хаһан алдьаппыттарын кэннэ сир оһорунарыгар технологиялары оҥорон киллэрэр ирдэнэр.
Олунньу бүтүүтүгэр Россия Президенэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха 2030 сыллаахха диэри сайдыы национальнай сыалларыттан биирдэстэринэн туруктаах экология буоларын ыйбыта уонна 2036 сыллаахха диэри сайыннарыахтаахпытын бэлиэтээбитэ. “Экологическое благополучие” саҥа национальнай бырайыак Россия айылҕата уонна гражданнара бөҕө туруктаах буоларыгар, бүтүн дойду сайдыытын хааччыйыыга стратегическай суолталанарыгар саарбахтаабаппын.
Валентина Бочонина
Сахамин Афанасьев хаартыскалара