Саха Өрөспүүбүлүкэтин ситэриилээх былааһыттан сенатор, Федерация Сэбиэтин аграрнай, ас-үөл бэлиитикэтигэр уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Егор Борисов сэтинньи 26 күнүгэр Дьокуускайга Медиа-кииҥҥэ өрөспүүбүлүкэ таһымнаах таһаарыылар суруналыыстарын кытта көрүстэ.
“Баччаларга, үгэс курдук, сыл устата тугу үлэлээбиппин пресс-кэмпириэнсийэҕэ уонна нэһилиэктэргэ, улуустар кииннэригэр сылдьан, дьоммун-сэргэбин көрсөн кэпсэтэбин, иһитиннэрэбин”, – диэтэ сенатор.
Егор Борисов аан тылыгар кэлиҥҥи кэмҥэ дойдуга эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн быһыы-майгы тосту уларыйбытын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Ол курдук, урукку модун Сэбиэскэй Сойуус 1990-с сылларга үрэллээтин Арассыыйа либерализм хайысхатын тутуһан, хапыталыыһым суолунан баран испит буоллаҕына, арҕаа дойдулар атарахсытаннар, атааннааннар, билигин Арассыыйа саҥаттан сайдыы суолун тобуларга турунна. Онуоха хас биирдии киһи тус эппиэтинэһин, былаас норуотун иннигэр бэлитиичэскэй эппиэтинэһин итиэннэ норуот устуоруйаҕа эппиэтинэһин дириҥник өйдүөх кэриҥнээхтэр. Чуолаан, үүнэр сүһүөх ыччаппытын арҕаа судаарыстыбалар содулларынан дойдуга бэриниилээх буолуу, таптал, ийэлээх-аҕалаах дьиэ кэргэн диэн бүттүүн киһи аймах сыаннастарыттан тэйитиллэр кутталыттан сэрэтэр, ону туоратар үлэҕэ болҕомто күүһүрүөхтээх.
– Мин үлэлиир кэмитиэтим тыа хаһаайыстыбатын уонна айылҕаны туһаныы эйгэлэрин хабар буолан, олус киэҥ эрээри, урукку үлэлээбит уопутум сүрдээҕин көмөлөһөр, – диир Егор Афанасьевич. – Онон сөптөөх оннубун булан, былааннаахтык үлэлии-хамныы сылдьабын. Пленарнай мунньахтарга өрүү көхтөөхтүк кыттабын. Биһиэхэ, парламент үөһээ палаататыгар, федеральнай миниистирдэр үлэлэрин отчуоттууллар. Онно өрөспүүбүлүкэм уонна Уһук Илин интэриэстэрин көмүскээн, санаабын этэбин, туруорсабын. Этиилэрбин аахсаннар, олоххо киирэллэриттэн үөрэбин. Федерация Сэбиэтин иһинэн кэмитиэттэр араас таһымнаах мунньахтарыгар, төгүрүк остуолларга эмиэ бэйэм тиэмэбинэн дойдуга, Саха сиригэр туһалааҕын көрөн, кэпсэтиилэри тэрийэн ыытабын. Холобур, кэпэрээссийэ боппуруостарынан быһаччы дьарыктанабын. Тыа сиригэр социальнай хайысхалаах дьаһалларга болҕомто күүһүрүөхтээҕэр эмиэ элбэхтик үлэлэһэбин. Кэлиҥҥи сылларга аграрнай билим диэки хайыһан эрэбит. Бу курдук кылааппын, бэйэм суолбун-ииспин киллэрэ сатыыбын. Мин үөһээ палаатаҕа соҕотох буолбатахпын, федеральнай бүддьүөтү ылыныы эҥин курдук боччумнаах боппуруостарга Сахамин Афанасьевтыын биир өйүнэн-санаанан салайтаран үлэлиибит.
Сахам сирин кытта ситиммин быспаппын. Дойдум дьоно, чуолаан, бу сылларга анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэрэ, кэргэттэрэ миэхэ үгүстүк сылдьаллар, туруорсуулара араас өрүттээх буолар. Холобур, байыаннай дьайыы кыттыылааҕын статуһун (ким эрэ бааһырар, сүтэр эбэтэр билиэҥҥэ түбэһэр) быһаартарарга көрдөһөллөр, матырыйаалынай көмөҕө наадыйаллар. Госпитальга эмтэнии, бааһырыы кэнниттэн салгыы чөлгө түһэрии, о.д.а. боппуруостарга көмөлөһүннэрбит элбэх, ону тус кыһалҕалаахтар эрэ билэллэр, тэнийэ барбаппын. Дьокуускай куорат кытыытын (пригород) олохтоохторо ааспыт кыһын социальнай гаастааһыны туруорсубуттарын суһаллык быһаарбыппыт. Кэлэ-бара кэпэрэтииптэргэ, бааһынай хаһаайыстыбаларга сүбэлиибин. Ити курдук кыаҕым иһинэн көмөлөһөргө мэлдьи бэлэммин.
Сенатор суруналыыстар ыйытыыларыгар хоруйдууругар “өрөспүүбүлүкэ ис бэлиитикэтигэр орооспотун, сүбэ-соргу, көмө-ньыма бэрээдэгинэн эрэ бэйэтин көрүүтүн-санаатын тиэрдэрин” эттэ. Кини бу сырыытыгар олохтоох салайыныы тутулун уларыта тутууга уонна быыбарга сыһыаннаан улахан мөккүөрдээх боппуруостар күөрэйэн, күөдьүйэн тахсыбыттарын дойду судаарыстыбаннай былааһын бэрэстэбиитэллээх уорганын аатыттан дьонугар-сэргэтигэр табатык быһаарар соруктаах үлэлэһэ сылдьарын аһаҕастык эттэ.
Ойо тутан билиһиннэрдэххэ, Егор Борисов олохтоох салайыныы сокуонун барылын дьүүллэһиигэ 30 тыһ. тахса этии киирбитин иһитиннэрдэ. Итиэннэ урут үлэлээн кэлбит сокуоҥҥа дойду муҥур былааһа эрэгийиэн (субъект) таһымынан муҥурданар эбит буоллаҕына, саҥа сокуонунан аллараа таһымҥа тиийэ “туруору былаас” олохтоноро аныгы үөскээбит быһыыга-майгыга сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ уокуруктар баһылыктара, холобур, Дьокуускай куорат дьаһалтатын баһылыга быыбардаммакка, ананыахтааҕар санаата тохтуурун биллэрдэ.
Василий Никифоров. Виктор Эверстов хаартыскаҕа түһэриитэ.