Саха сиринээҕи Киин быыбардыыр хамыыһыйа иһитиннэрэринэн, бу дьыл балаҕан ыйын 5 күнүнээҕи туругунан Саха сирин ыраах сытар учаастактарыгар болдьох иннинэ 1765 быыбардааччы куоластаабыт.
“Мобильнай быыбардааччы” үлэтэ түмүктэннэ. Быыбар хаамыытын кэтээн көрөөччүлэри туруорар субъектартан испииһэги ылан бүттүлэр. Быыбар докумуоннарын миэстэтигэр тиэрдии түмүктэнэн эрэр.
Быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэннэрин үөрэтэр семинардары уонна тэрээһин мунньахтары ыытар тиһэх күннэр үүннүлэр. Быыбар хаамыытын сырдатар маассабай көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэр суруналыыстарын уонна бэрэстэбиитэллэрин аккредитациялааһын ыытылынна.
Ити курдук Саха сирин быыбардыыр хамыыһыйалара өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай быыбардары тэрийиигэ бэлэмнэр.
Санатар буоллахха, быйыл дойду Киин быыбардыыр хамыыһыйатын быһаарыытынан, быыбар үс күн устата ыытыллыаҕа – балаҕан ыйын 8, 9 уонна 10 күннэригэр куоластыахпыт.
Учаастактар сарсыарда 8.00 чаастан киэһэ 20.00 чааска диэри үлэлиэхтэрэ.
Любовь Кривошапкина