Сарсыҥҥы күнтэн паром ахсаана 14-тэн 10-ҥа диэри аҕыйыыра былааннанар. Ону тэҥэ алтынньы 21 күнүттэн күһүҥҥү тарифка көһүү буолуоҕа.
Алтынньы 19 күнүттэн Дьокуускай куорат 204 дьоҕус түөлбэтин Намыв ыстаансыйатыттан («Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа пассажирдары күүтэр пууна) салгын сыттыгынан олбохтоох суудуналар дьону таһаллар. Төлөбүрэ — 2000 солк. Биэс саастарын илик оҕолорго босхо, 5-10 саастаахтарга 50% чэпчэтии көрүллэр.
Ону тэҥэ «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан дьону «В.Рукавишников» суудунанан күһүҥҥү графигынан таһаллар. Ол курдук, Дьокуускайтан сарсыарда 9:00 уонна күнүс 14:30 чаастан, Аллараа Бэстээхтэн 10:45 чаастан уонна күнүс 16:00-тэн.
Дьокуускайтан хоҥнор сир аадырыһа: Речной порт, 3 причал, Новопортовской уулусса, 1 кыбаартал, к3.
Аллараа Бэстээхтэн хоҥнор аадырыс: Пристанскай уул., 33а (Речной вокзал, «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа күүтэр саалата).
Билиэт сыаната — 500 солк. Биэс саастарын туола илик оҕолорго айан босхо, 5-12 саастарыгар диэри — 250 солк.
Санатарбыт курдук, Бүлүү өрүскэ паром сырыыта бэҕэһээҥҥиттэн сабыллыбыта, ону тэҥэ «Дьокуускай-Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта штатнай эрэһииминэн алтынньы 20 күнүгэр диэри үлэлиир.
«Саха» НКИХ