Мин Сунтаарга командировкаҕа таксинан баран кэлээри, сурахха киирэр, кэпсээҥҥэ кэпсэнэр куһаҕан майгылаах айанньыт аатырдым.
Горнай трассата суола оҥоһуллан, тупсан харах тэстэринэн, буут быыппастарынан айанныыр суоппардар бааллар. Биир түгэҥҥэ арай спидометры көрбүтүм — 130 км/ч. Мин ону-маны барытын кыл түгэнигэр толкуйдаан ыллым, микроавтобус толору дьон, бас хайа барар муусуката, ким да тугу саҥарбат. Массыына суол тоҕойдоругар бу ойоҕоһунан иэҕэйэн ыла-ыла айанныыр, туох эрэ тимирэ хыычыгыраан ылар…
Ол тухары суоппар телефонун илиититтэн араарбат, ватсап хаһа олорор, ол быыһыгар туох да солуута суоҕу кэпсэтэр, өссө эбиитин рациянан эмиэ уруй-айхал, эҕэрдэлэһии. Тулуйбатым уонна суоппарга этээччи буоллум: «Тохтоо эрэ эн, оргууй айаннаа, мин хайдах эмит тиийиэхтээх сирбэр тыыннаах тиийдэрбин!» Онно биирдэ биир дьахтар син хоһуласта. Онтон эрдийэн мин суолу быһа, ол аата 15 чаас тухары, бу суоппарбын манааччы буоллум.
Киһим сотору-сотору эргийэн көрөр, телефонун ылаары илиитэ кыһыйар, онно ватсап кэлэн дьиримнии-сандаара сытар. Мин уун-утары, дьэ, көрөн уордайан олордум, бу уһун усталаах суол тухары. Суоппар телефонун син биир ылла, миигин көрбөтүн диэн, атын кулгааҕар даҕайар, эмиэ ватсап көрөөрү гынна. Мин тохтоттум ээ. Биир сиргэ киһим нухарыйда дуу хайдах дуу: арай, өйөнөн олорор тоҥолоҕо сыыһа-халты түһүтэлээтэ.
Мин суоппарбын көхсүттэн анньыалаатым: хайа, бу утуктаатыҥ дуу, тугуй? Массыынан иккис суоппарыҥ ыыппат дуо? — диибин. Ол курдук кэлэ-бара сүрэх ыарыыта. Суол саахала туохтан буолла дии-дии араас экспертиза, быһылааны силиэстийэлээһин…
Ону баара сэрэҕэ суох быһыы-майгы, суол оҥоһуллан олус түргэн сырыы — бу үгүс саахал төрүөтэ эбит. Айаннаан иһээччилэр биһиги бары ити суоппардарга харчы төлүүр дьон быһыытынан кинилэртэн сэрэхтээх буолары ирдиэх тустаахпыт, толлубакка.
Биир эмит хабыр суоппар баар буолуо. Ол курдук биир киһи миигин: «Аныгыскы чайнойга хаалаҕын, атын массыынаны булунаар», — диэбитэ… Ол эрэн харчыга айаннаан иһэн мээнэ ким да үүрүллүбэт. Дьэ, итинник мөкү быһыыларын видеоҕа эҥин устуохха сөп, бодолорун тардыналларын курдук… Ону баара, хомойуох иһин, саахал тахсыбытын кэннэ, буолуох буолбутун кэннэ түһэрэ охсон тарҕатабыт… Бу сурукпун улуустарынан ыыталыаххыт диэн эрэнэбин.
Саха дьоно, сэрэхтээх буолуоҕуҥ, бэйэ-бэйэни харыстаһыаҕыҥ!
Маарыйа, айанньыт, Сунтаар