Саҥа тиэрминнэри бигэргэттилэр

Саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын дьүүллэһиитин кэнниттэн, Бырабыыталыстыба күн бүгүн дьон-сэргэ туттуутугар киирэн эрэр тиэрминнэри бигэргэппит. Ханнык тыллар эбитий?
  • Аренда земли — сири түүлээһин
  • Гарантийное письмо – мэктиэ сурук
  • Гарантия – мэктиэ
  • Герб – дьаралык
  • Дальний Восток – Уһук Илин
  • Задача – сорук
  • Инструкция – ыйыы-кэрдии
  • Информационное письмо – иһитиннэрии сурук
  • Информация – иһитиннэрии
  • Иск – ирдэбил
  • Истец – ирдэһээччи
  • Компенсация – толуйуу
  • Концепция – көрүк
  • Координатор – сүрүннэччи
  • Минимальный размер оплаты труда (МРОТ) – хамнас алын кээмэйэ
  • Многофункциональный центр (МФЦ) – элбэх хайысхалаах киин (ЭХК)
  • Наставник – уһуйааччы
  • Образовательное учреждение – үөрэх кыһата
  • Объем (геометр.) – сабардам
  • Плащадь (матем.) – иэн
  • Предмет – барамай
  • Прогноз (метеор.) – билгэ
  • Прогноз (финан., эконом.) – сылык
  • Сеть – ситим
  • Совещание – сүбэ мунньах
  • Соглашение – сөбүлэҥ
  • Тестирование – тургутук
  • Тихий океан – Чуумпу далай
  • Уровень – таһым
  • Ювелир – көмүс ууһа
  • Нагрудный знак — түөскэ анньынар бэлиэ
  • Делопроизводство – дьыаланы бэрийии
  • Исполнительная власть – ситэриилээх былаас
  • Специальная военная операция – анал байыаннай дьайыы.
     Людмила Попова, Саха сирэ

Читайте дальше