Салалта сүрүн боппуруостары быһаарсар

Сыл саҕаланыытыгар ситэриилээх былаас отчуотугар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо кыһалҕалаах боппуруостары туруорсаллар.

Кэм ааһан истэҕин аайы Сүрүн боротокуолга киирбит боппуруостар улуустарга хайдах быһаарыллан иһэллэрэ биллибэт курдук – ханна да сырдатыллыбат. Соторутааҕыта Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов баһылыктары уонна тэрилтэлэр салайааччыларын кытта куйаар ситиминэн ыыппыт мунньаҕар «ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит боппуруостары быһаарыыга туох үлэни ыыппыккыт туһунан суругунан отчуоттары ыытыҥ» диэн сорудахтаабыта.

Маны тэҥэ, нэһилиэктэр баһылыктара 2032 сылга диэри Стратегическай сайдыы тосхолун оҥорон, нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии (публичное слушание) оҥоруохтаахтарын туһунан эмиэ сорудах ылбыттара.

Оттон улуус салалтата ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сытыы боппуостары быһаарыыга туох үлэни ыытарый?

Бу туһунан улуустааҕы дьаһалта сүрүн салаатын – улуус олоҕо-дьаһаҕа сайдыытын уонна үлэни-хамнаһы тэрийэр, быраабы хааччыйар сулууспа салайааччыта Василий Поскачинтан ыйыталастым.

— Биллэн турар, улуус салалтата тустаах сорук туруоран баран, бэйэтэ туох үлэни ыытарын интэриэһиргиир киһи үгүһэ чахчы. Бу күннэргэ улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов уонна мин Дьокуускай куоракка ситэриилээх былаас отчуотугар киирбит сүрүн боппуруостары быһаарса министиэристибэлэринэн уонна биэдэмистибэлэринэн сылдьабыт.

Нэдиэлэ саҥатыгар Төрүт нэһилиэгин олохтоохторо айан суолун сылы эргиччи туһанар статустаах оҥоруу туһунан туруорсубут боппуруостарын быһаарыстыбыт. Тырааныспар миниистирин солбуйааччы Семен Коркины кытта олохтоохтук кэпсэттибит. Бу суол нэһилиэккэ кыһыҥҥы кэмҥэ чоҕу тиэйиигэ эрэ анаммыт статустаах. Оттон төрүттэр сылы эргиччи бу суолунан сылдьан абыранан эрэллэр. Кэккэ сиринэн сууйар сирин оҥорторо-оҥорторо, олохтоохтор суолунан сылы эргиччи туһаналлар. Онон суолу анал докумуоннатар кэмнэрэ кэллэ. Тырааныспар министиэристибэтэ улуус салалтата туруорсуутун ылынна. Онон аны тустаах докумуоннары хомуйсан, салгыы бу үлэни тиһэҕэр тиэрдиэхпит.

Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү ситэриилээх былаас отчуотугар эмиэ үгүстүк этиллибитэ. Бу боппуруоска сыһыаннах кэпсэтии СӨ олорор дьиэни тутуу дириэксийэтин хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамаларын кытта үлэлэһэр отдел салайааччыта Игорь Алексеевы кытта буолла.

Маны таһынан, «Саха сирэ XXI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын салалтатын кытта Өймөкөөн уонна Үчүгэй нэһилиэктэрин баһылыктара түһэрбит сайаапкаларынан эдэр исписэлиистэргэ анаммыт олорор дьиэлэри тутууга үлэлэһэ сылдьабыт.

Үчүгэй орто оскуолатын тутууга быһаарыыны эрэйэр кэккэ боппуруос үгүс буолан, нэһилиэк олохтоохторо ситэриилээх былаас отчуотугар бу туһунан хаһыс да сылын туруорсаллар. Онон бу суолталаах социальнай эбийиэги олоххо киллэрэр инниттэн кэккэ министиэристибэни кытта үлэлэһэ сылдьабыт, — диэн кэпсээтэ Василий Поскачин.

Ити курдук, улуус сайдыытыгар туһуламмыт сүрүн боппуруостары улуус баһылыгын э.т. Александр Иванов уонна  улуус олоҕо-дьаһаҕа сайдыытын уонна үлэни-хамнаһы тэрийэр, быраабы хааччыйар сулууспа салайааччыта Василий Поскачин киин куоракка командировкаҕа тиийэн, хорутуулаахтык туруорса, быһаарса сылдьаллар.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

Читайте дальше