Өймөкөөнтөн тахсыбыт соҕотох опера ырыаһыта Вероника Дягилева тохсус кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледжка үөрэнэ киирбитэ. Онтон Арктическай институкка үөрэҕин үрдэтиммитэ, салгыы Екатеринбург куоракка аатырбыт М.П. Мусоргскай аатынан консерваторияны бүтэрбитэ.
Вероника Дягилева ити курдук барыта 11 сыл үөрэнэн, опера ырыаһыта идэлэммитэ. Кини билигин Санкт-Петербург куоракка 540 сыллааҕыта тэриллибит судаарыстыбаннай Академическай капеллаҕа (Императорский хор) төрдүс сылын таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар.
Вероника оҕо сааһа Сордоҥноох нэһилиэгэр ааспыта. Ийэтэ Екатерина Тимофеевна сайын аайы ынахтарын илдьэ «Буордаах» диэн сайылыкка тахсара. Кыысчаан оонньуур, көччүйэр кэмигэр сайылык дьонугар кэнсиэр көрдөрөрүн олус сөбүлүүрэ. Бу санаатахха, оҕо улааттаҕына туох үлэһит буолара оонньууругар биллэр эбит. Кырдьаҕас таайа оҕонньор Ким Кынтояров мас атахтаах турбанан Вероникаҕа микрофон курдук оҥорон биэрбитэ, онно кини саҕа дьоллоох артыыска суох буолара. Ол «микрофона» билигин да баар.
Аҕыйах хонуктааҕыта бу театр кырдьаҕас дирижёра, ССРС култууратын үтүөлээх үлэһитэ, хас да Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Владислав Чернушенко «Моцарт и Сальери» диэн литературно-музыкальнай композицияны туруорда. Бу кэнсиэргэ хор түөрт эдэр ырыаһыттара солистаатылар, олор истэригэр биһиги кыыспыт Вероника баар. Кини ситиһиилээхтик кыттан үөрүүтэ сүҥкэн, бу кэнсиэри ТВ быһа эпииргэ көрдөрдүлэр.
Вероникаҕа эмиэ үрдүк чыпчааллары дабайарыгар, айымньылаах үлэтэ ситиһиилээх буоларыгар баҕарабыт!
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Эдьиийэ Розалия Дягилева, кыраайы үөрэтээччи, Томтор