Сахалыы тыыннаах “Хотугу сардаҥа” хаһыаппытын харыстыаҕыҥ

Өймөкөөн улууһугар сахалыы тылынан тахсар, сахалыы тыыннаах суос-соҕотох хаһыаттаахпыт. Ол – “Хотугу сардаҥа” буолар. Хаһыат 1991 сыл бэс ыйын 29 күнүттэн ыла тахсар.

Туох баар илэ-чахчы сырдатыллар улуус сонуннарын бу хаһыат балаһаларыттан ааҕыахха сөп.

Ону таһынан олохтоохтортон киирбит боппуруостарынан “Ыйыт – эппиэттиибит” диэн рубрикаҕа туһааннаах салайааччылартан, исписэлиистэртэн хоруй ылыллан бэчээттэнэр. Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ биһиги олоххо туох буола турарын билэрбит-көрөрбүт, олохпут-дьаһахпыт тупсарын туһугар кыһаллан матырыйааллары киэҥник, дьэҥкэтик арыйан, ааҕааччыларга тиэрдэргэ кыһаллаллар.

Өймөкөөн дьоно сахалыы сайдам тыллаах буоларбыт быһыытынан, хаан-уруу “Хотугу сардаҥа” хаһыаппытын суруйтарыах тустаахпыт.

Мин бу күннэргэ чопчулаһан билбитим, улуус саамай улахан Томтор нэһилиэгэр баара-суоҕа 25 сурутааччы баар эбит. Эчи хомолтотун! Миигин олохтоох дьаһалта, тутаах тэрилтэлэр үлэһиттэрэ хаһыакка суруйтарбаттара улаханнык салыннарда, соһутта. “Хотугу сардаҥаны” тэрилтэлэртэн аҥардас Томтордооҕу бибилэтиэкэ эрэ суруйтарар эбит.

Бүтүн нэһилиэги салайан олорор сүрүн тэрилтэлэр улууска сахалыы тылынан тахсар соҕотох хаһыакка маннык хаҕыс сыһыаннарыттан улаханнык сонньуйдум. Холобур, салайааччылар олохтоох дьон үөрүүтүн, кыһалҕатын хаһыаттан ааҕан билсиэхтэрин сөптөөх. Хаһыаты ааҕартан таһынан, кинилэр араас тиэмэлэринэн суруйаллара наадалаах.

Сурутуу сыаната тэрилтэ да, биирдиилээн да сурутааччы уйунарын курдук удамыр – биир ыйга баара да 61 солкуобай.

Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ хас сурутуу хампаанньатын ахсын “Бэтэрээни суруйтар” “Сурутууну бэлэхтээ” о.д.а. аһымал аахсыйалары тэрийэллэр. Бу аахсыйаларга улуус дьоно, атын сиргэ көспүт биир дойдулаахтарбыт кытталлара кэрэхсэбиллээх. Маны бары салайааччыларбыт эмиэ болҕомтоҕо ылаллара, кыттыһаллара уолдьаста.

Ама, 33 сыл устата тахсар саха хаһыата сабылларын тыа дьоно баҕарбаттар ини?! 2025 сылга сурутуу хампаанньата бэлиэр саҕаланна. Онон хас биирдиибит төрөөбүт сахалыы тылбытынан тахсар улууспут хаһыата тиһигин быспакка дьиэбитигэр, тэрилтэбитигэр күндү ыалдьыт, үтүө сүбэһит буолан кэлэригэр “Хотугу сардаҥа” хаһыакка суруйтараргытыгар сүбэлиибин, бар дьоммун ыҥырабын.

 Дария Тихомирова, биһиги общ. корр., Томтор.

Читайте дальше