«2020-2024 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тыллары харыстааһын уонна сайыннарыы диэн бырагыраама» чэрчитинэн «Сахалыы таба суруйуу. Үөрэх тылдьыта» диэн 5-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах тылдьыт бэчээттэнэн таҕыста, суруйда Саха сирэ саайт.
Тылдьыты тыл билимин хандьыдаата Н.М. Васильева, Дьокуускай куорат 26 №-дээх орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала М.Н.Борисова, эппиэттиир эрэдээктэр – тыл билимин дуоктара Н.И.Данилова таҥан оҥордулар.
Тылдьыт 2015 с. тахсыбыт «Сахалыы таба суруйуу тылдьытыгар» олоҕуран оҥоһулунна. Тылдьыкка күннээҕи кэпсэтиигэ, хрестоматийнай айымньыларга киэҥник туттуллар, литературнай тылга ханыыта суох түөлбэ тыллар, сорох эргэрбит тыллар, ону сэргэ саҥа тыллар, тиэрмин хамыыһыйата бигэргэппит тиэрминнэриттэн үөрэнээччи туттуон сөптөөх тыллара киирдилэр. Бу тылдьыт үөрэххэ эбии көмө ыйынньык быһыытынан туһаныллыа, оҕолор тылы таба суруйууларыгар, тылларын баайа хаҥыырыгар туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.
Хаартыска саха сирэ саайта