Үчүгэй нэһилиэгэр бибилэтиэкэ иһинэн тэриллибит «Үчүгэй саҕахтара» диэн литературнай түмсүү бөһүөлэкпит дэгиттэр талааннаах Далбар хотунун Мария Винокурова «Айар кутум абылаҥа» диэн айар киэһэтин иилээн-саҕалаан ыытта.
Бу дьоро киэһэҕэ уһун кэмҥэ Үчүгэй нэһилиэгин «Тугутчаан» уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээбит Мария Винокурова «Ойо оонньоо, оҕо саас» диэн кинигэтин уонна «Уран тыл оһуора» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай түмсүү 13 кинигэтигэр бэчээттэммит хоһооннорун дьон-сэргэ истиитигэр-көрүүтүгэр таһаардыбыт.
Маны тэҥэ Мария Петровна уран тарбаҕынан тикпит таҥаһа-саба, сахалыы тыынынан илгийэр кылтан, сиэлтэн оҥоһуктара уонна уруһуйдара көрдөрүүгэ турдулар.
Бу күн кини айбыт хоһооннорун оскуола оҕолоро, биир дойдулаахтара дорҕоонноохтук аахтылар. Өрөспүүбүлүкэ атын улуустарын оҕолоро кини хоһооннорунан, ырыаларынан араас өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарга кыттыбыт, миэстэлэспит видеоларын дуоһуйа көрдөрдүбүт.
Мария Петровна аҕыс хоһооно ырыа буолан ыллана сылдьар. Ол курдук, нэһилиэк кэрэ аҥаардарын «Дьүкээбил» ансаамбыла «Дьүкээбил суһума» хоһоонунан Катя Черкашина матыыбыгар суруллубут ырыатын улуустааҕы «Өймөкөөн сулустара» вокальнай куонкуруска толорон, дипломант буолбута кэрэхсэбиллээх.
Саамай киһи долгуйара диэн Мария Петровна эбэтигэр анаабыт «Эбэбэр махтанар эбиттэр» хоһоонун видеоролигын көрдөрүүтэ буолла. Биһиги эргиччи талааннаах Таатта улууһуттан төрүттээх Далбар хотуммут бу киэһэ Үчүгэй нэһилиэгэр 35 сыл анараа өттүгэр эдэр исписэлиис быһыытынан кэлэн олохсуйбутуттан саҕалаан, олоҕун кэрчиктэрин дьонугар-сэргэтигэр ис сүрэҕиттэн кэпсээтэ.
Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.
Наталья Громова, бибилэтиэкэр, Үчүгэй