Сахалыы сайа саҥара, толкуйдуу үөрэниэххэ

Биһиэхэ, Төрүккэ, интернет холбоммута аҕыйах сыл буолла. Оҕо үксэ куйаар ситимиттэн ютубу көрөн, сахалыы саҥарбат буоллулар дииллэр.

Дьиҥэ, сахалыы сайдарбыт бэйэбититтэн тутулуктаах. Онуоха эбии бэйэбит чугас дьоннорбут, эһэбит-эбэбит уонна хас биирдии уһуйааччы үөрэтэр оруола эмиэ улахан.

Өймөкөөн нэһилиэгэр – оҕо лааҕырыгар

Биһиги былырыын сайын Өймөкөөҥҥө тэриллибит оҕо лааҕырыгар сылдьыбыппыт. Төрүттэн мин, Ариана Атласова уонна Эмма Кривошапкина. Лааҕыр салайааччытынан Сардаана-Уйгун үлэлээбитэ. Иитээччилэрбит Мария Степановна Степанова, Альбина Еремеевна Алексеева, Аксиния Владимировна Гермогенова этилэрэ.

Бу лааҕырга фольклор бары көрүҥэр: хомуска, кылыһаҕы таһаарыыга, тойукка, олоҥхоҕо, чабырҕахха, оһуохайга уһуйуллубуппут.

Дьарык кэнниттэн Өймөкөөн — Томтор кэрэ-бэлиэ сирдэринэн сылдьар этибит. Иитээччилэр наһаа элбэҕи көрдөрбүттэрэ уонна кэпсээбиттэрэ олус интэриэһинэй этэ…

Томтор, Өймөкөөн ыһыахтарын ыллаан-туойан, олоҥхолоон, оһуокайдаан киэргэппиппит. Мин күөн күрэстэргэ кыттан, олоҥхоҕо, оһуокайга 2-с миэстэ буолбутум, сыаналаах сертификатынан, грамотанан наҕараадаламмытым. Лааҕырга элбэх доҕордоммутум.

Олоҥхо Ыһыаҕар

Быйылгы Томторго тэриллибит оҕо лааҕырыгар  Төрүттэн 11 оҕо  буолан сырыттыбыт. Үксүн Олоҥхо Ыһыаҕын аһыллыытыгар бэлэмнэнэр этибит. Үс буолан: мин, Эрчим, Байдам Босиковтар оҕолорго буолар Олоҥхо күөн күрэһигэр кыттаары бэлэмнэнэр этибит. Мин олоҥхом тылын эрдэттэн үөрэтэн кэлбитим.

Биһигини Тааттаттан сылдьар Алексей Николаевич Николаев дьарыктаабыта. Миэхэ эрдэттэн үөрэппит Абааһы уолун ырыатын маннык ыллаа диэн чочуйан биэрбитэ. Ону таһынан хайдах сөпкө тыынарга, хайдах кылыһаҕы таһаарарга уонна туттан-хаптан олорорго үөрэппитэ.

Биһигини наар хайҕыыра, олоҥхобутун хаста да ыллатан истэрэ уонна: «Оҕолоор,эһиги бары губка курдуктаргыт, киһи этэрин түргэнник ылынаҕыт. Эһиэхэ үчүгэй эйгэни тэрийдэххэ, ыллыа да туойуо да эбиккит. Элбэхтик дьарыктаныҥ, оччоҕо олоҥхону сатыыр буолуоххут», — диирэ.

Алексей Николаевич  улахан дьоҥҥо Олоҥхоҕо муҥутуур кыайыылаах аатын ылбыта.

Онтон биһиги киэҥ түһүлгэҕэ аан бастакыбытын олоҥхону толорон, Махтал суругу туппуппут.

Мин сахалыы сайдарбар эһэбэр уонна эбэбэр улаханнык махтанабын.

Мин эһэм Виталий Семёнович бултка, окко, тыаҕа да сиэри-туому тутуһарга үөрэтэр. Бэйэтинэн холобур буолар, кинини көрөн барыга бары үөрэнэ сатыыбын.

Эбэм Розалия Григорьевна миэхэ саамай чугас киһим буолар. Үөрэтэр олоҥхобун, хоһооннорбун барытын кини сүбэлиир.

Бэйэҥ төрөөбүт тылгын уонна улууһуҥ  устуоруйатын билиэхтээххин диэн кыраайы үөрэтээччилэр С.М. Егоров-Кэрэспэндьиэн Сэргэй, Т.Е. Васильева сахалыы суруйууларыттан иистэнэ олорон аахтаран истээччи уонна: «Сахалыы тыл төрүт дорҕооннорун «ҕ», «ҥ» буукубаларын чуолкайдык саҥарар буол. Тыл суолтатын сүтэримэ»,- диэн этээччи. Кырдьык, оҕолор «ҕ»-ны «х»-нан,»ҥ» буукубаны «н» буукубанан саҥаралларын истээччибин.

Ити курдук икки сайын сынньаммыт оҕо лааҕырдара миэхэ наһаа үчүгэй умнуллубат өйдөбүлү  хааллардылар. Өссө да маннык сахалыы лааҕырдар тэриллэллэрэ буоллар диэн баҕарабын.

Сардаана Уйгуну СӨ баһылыгын гранын кыайыылааҕа буолбутунан уонна  бу буолаары турар Хомус, Олоҥхо күннэринэн эҕэрдэлиибин. Киниэхэ элбэх дьоҕурдаах, махталлаах үөрэнээччилэри баҕарабын.

Миша Атласов, 8-с кыл. Төрүт.