Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар бүгүн саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын мунньаҕа буолан ааста. Мунньахха саха тылын сайыннарар, үйэтитэр уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сыалтан, тиэрмин хамыыһыйатын тэрийии уонна үлэлэтии туһунан кэпсэттилэр.
Мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын үлэтин туһунан уонна судаарыстыбаннай былаас иһитиннэрэр уорганнарын сахалыы ааттарын дьиҥ таһымнаахтык бигэргэтэр туһунан ырыттылар.
Дьүүллэһиини СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Сергей Местников салайан ыытта:
“Бу дьыл олунньу ый 13 күнүгэр, төрөөбүт тыл күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев тыл сайдыытын туһунан туһааннаах сорудаҕыгар уонна иһитиннэриитигэр биһиэхэ туспа сыал-сорук биэрэн турар. Ол курдук, саха тылын сайыннарар, үйэтитэр уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатар сыалтан, тиэрмин хамыыһыйатын тэрийиҥ уонна үлэлэтиҥ диэн сорудахтаабыта. Ол чэрчитинэн Бырабыыталыстыба уурааҕа бэс ыйыгар баттаммыта, онно Бырабыыталыстыба таһымнаах хамыыһыйаҕа наукаттан, суруналыыстартан, уопсастыбаннастан дьон киирэннэр, бүгүҥҥэттэн үлэбитин саҕалаатыбыт. Бүгүн бастакы мунньах буолан ааста”, — диэн Сергей Васильевич кэпсээтэ.
“Дьон-сэргэ олус кэтэһэр, бу нуучча уонна атын омук тылларыттан киирбит тиэрминнэр сахалыы тылбаастаммыт уонна киэҥ эйгэҕэ туһаныллыбыт буолуохтаахтар диэн. Онон олус эппиэтинэстээх сорудах ирдэниллэр. Биһиги бүгүҥҥү мунньахпытыгар үлэбит сүрүн тосхоллорун дьүүллэстибит уонна аныгыскы нэдиэлэҕэ бастакы дьаһалбыт — тиэрминнэри сахалыы тылбаастаммыттарын таһаарыы. Иккиһинэн, бу тиэрминнэр дьон-сэргэ өйүгэр уонна тылыгар-өһүгэр киириэхтээхтэр», — диэн Сергей Местников иһитиннэрдэ.
Тиэрмини уонна тылбааһы сөпкө араара үөрэниэхпитин наада диэн АФ Хотугулуу Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ Гаврил Торотоев санаатын үллэстэр:
“Бүгүҥҥү мунньах номоххо киирэр тэрээһин буолара буоллар дии саныыбын. Бу тиэрмин хамыыһыйата хаста да тэриллэ сылдьыбыта, ол гынан баран үлэтэ соччо көстүбэккэ хаалбыта. Онон бу мин өйдүүрбүнэн, үһүс тэриллиитэ. Бастакы мунньахха хайдах үлэлиэхтээхпитин ырыттыбыт. Туох тосхолу тутуһуохтаахпыт, тиэрмини уонна тылбааһы өйдүүргэ дьулуһуохтаахпыт диэн буолла. Тоҕо диэтэр тиэрмин диэн бу анал тыл буолар, билим эйгэтигэр туттуллар, кэлин киэҥ эйгэҕэ тахсан дьон барыта туттан киирэн барыахтаах. Ардыгар сыыһа соҕус өйдөбүл киирэн кэлээччи, холобур, Арассыыйа диэн дуу эбэтэр Россия диибит диэн».
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ