Саха сирин социальнай хайысхалаах үлэтэ бастыҥынан ааттанна

“Вместе — ради детей! Вместе в год семьи!” XV Бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум Улуу Новгородка түмүктэннэ.   Манна 700 тахса социальнай эйгэ үлэһиттэрэ кытыннылар. Үс күн устата кинилэр уопут атастастылар. Сүрүн болҕомто байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, оҕолору көрүүгэ-истиигэ ылбыт ыалларга туһуланна, Саха сирэ суруйар.

Саха сирин дэлэгээссийэтэ дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр, “Перспективы” диэн саастарын ситэ илик оҕолор бэрээдэги кэһиилэрин сэрэтигэ туһуламмыт технологиялар тустарынан билиһиннэрдэ. Пуорум түмүгүнэн кыайыылаахтары эҕэрдэлээтилэр. Өрөспүүбүлүкэ маннык номинацияларга кыайыылааҕынан таҕыста уонна билинилиннэ:

“Лидеры форума” пуорум дьыалабыай бырагырааматыгар  ситиһиилээхтик кыттыыларын иһин;

“Семейные ценности — основа крепкого рода” диэн субъект култуураҕа үгэстэрин көрдөрүү иһин;

“Территория возможностей” – дьиэ кэргэн мастарыскыайдарын үлэлэрин көрдөрүү, “Дылачакан” көс аҕа ууһун мастарыскыайын иһин;

“Не оступись” диэн түһүмэххэ Амма улууһун саастарын ситэ илик оҕолору кытта үлэҕэ туттар ньымаларын иһин.

Пуоруму Арассыыйа Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ министиэристибэтэ уонна Ыарахан балаһыанньалаах оҕолору өйүүр пуонда Новгородскай уобалас Бырабыыталыстыбатын кытта тэрийдилэр.

Пуорумҥа аһаҕас былаһааккаҕа ырытыстылар, уопут атастастылар уонна бу эйгэ сүрүн исписэлиистэрин кытта көрсүстүлэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Читайте дальше