Саха сирин сайдыытыгар бырамыысалыннас дьайыытын туһунан

Саха сирэ сайдыы саҥа суолугар тэтимнээхтик киирэн эрэр. Арассыыйа бырабыыталыстыбата кэлиҥҥи кэмҥэ илин эҥэри, Саха сирин бырамыысыланнаһын сайыннарар, кыаҕырдар кэскиллээх былааннары ылынан эрэрэ киһини сөхтөрөр, үөрдэр эрээри, сорох ардыгар дьиксиннэрэрэ баар суол.

Ылан көрүөҕүҥ, Сахабыт сиригэр кэлин арыллыбыт уонна арыллыахтаах ниэп, гаас хостонор, көмүс, алмаас урут хостоммут сирдэрин аахпакка, аны саҥа арыллар карьердарын — бэл, оннооҕор Сахабыт сирин хабыллар-хаба ортотугар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Чыамайыкытыгар (Добдурҕа) — саҥа, алмаас халыҥ саппаастаах кимберлитовай трубката көстөн, ону хостооһуну саҕалаары сылдьаллар.  Салгыы — Саха сиригэр ханна эрэ (чуолкайын билбэтим), обороннай промышленноска туттуллар уран рудатын хостуур (биһиэхэ Элги үрэх баһыгар Аляскитовай карьер баара) комбинат арыллар диэн баар.

Өссө ханна, хаһан үлэлиэхтээх саҥа промышленнай тутуулар саҕаланыахтаахтарын санаатахха, киһини үөрдэр да,дьиксиннэрэр да өрүттэрэ элбэхтэр…

Дьэ, бу арыллыбыт, арыллыахтаах, сайдыыга тиэрдиэхтээх тэрээһиннэр бары  олохтоох төрүт омуктар төрөөбүт төрүт сирбитигэр, дьиэбитигэр, өбүгэлэрбит кистэнэн, хараллан сытар ытык сирдэригэр ыытыллаллара элбэх санааны үөскэтэр, уйулҕа дьиксиниитигэр, отуор хамсааһыныгар тиэрдэр.

Биһиги төрөөбүт сирбит, өбүгэлэрбит олорбут өтөхтөрө, кинилэр хараллан сытар ытык мэҥэлэрэ, саха саамай саныыр Ытык сирдэрэ (сакральные места) — Айылҕа айбыт көрүҥүнэн тыытыллыбакка, чэгиэн хаалаллара сүҥкэн суолталаах.

Саха сирин бырабыыталыстыбата, бары промышленнай тэрилтэлэр салайааччылара сири-уоту сайдыы уонна бырамыысалыннас туһаҕа тахсар сирдэринэн эрэ көрбөккө, онно олохтоох төрүт омуктар төрүт сирдэрэ, өбүгэлэрин өйдөбүллэрэ буоларын умнумуох тустаахтар. Өбүгэ саҕаттан олохтоох дьон  Ытык (сакральнай) сирдэрэ буоларын учуоттаан, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык, сиргэ-уокка, олоҕурбут үгэстэргэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыы бириинсибэр олоҕуран, үрдүкү салалтабыт былааннаах үлэни ыытыаҕа диэн эрэниэҕи баҕарыллар.

Сир баайын хостооһун хайа да өттүнэн Ийэ айылҕаҕа муҥутуур кыра буолара — бу олохтоох дьон барыбыт ирдэбилэ буолуохтаах.

Ол санааҕа олоҕуран айбыт хоһооммун сурукпар холбуубун.

Билигин биһиги олохпут

Будулҕан үөһүгэр олорор…

Быыһын-ардын бу диэн быһаарар

Быдан ыарахан буолла бадаҕа…

 Сахабыт сирин сайыннарыах,

Саха дьонун олоҕун тупсарыах

Баараҕай баһан ылар былааннар

Баар буоллулар кэлин кэмҥэ.

 Төһөтө кэскиллээх буолуоҕун

Төһөтө саргыны түстүөҕүн,

Төһөлөөх олохпут тупсуоҕун

Токкоолоон, торумнуур кэм кэллэ.

 Төрөөбүт күөх солко биһикпит

Үйэҕэ чэлгийэ суугунуо дуо?..

Күөх чэчир кырыһа түөрүллэн

Күл-көмөр хахтанан сытыа дуу…

 Бас аайы бадаҕалыыр былааннар

Бэйэ байар өттүн быраҕа  толкуйдаан —

Бар-дьон олоҕун, оо, тупсарыах

Барылын түстээбит буоллуннар!

 Оччоҕо кэскилбит күлүмнүө,

Оҕобут дьылҕата түстэниэ,

Сахалар саргыбыт сандаарыа,

Самныбат, сайдыылаах кыахтаныа!

Егор Находкин, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ бэтэрээн учуутала, Төрүт

Читайте дальше