«Алдан» диэн позывнойдаах, Саха сириттэн сылдьар анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар уоппускатын кэмигэр эмтэнэ тиийбит.
Бу туһунан Дьокуускайдааҕы өрөспүүбүлүкэ харах балыыһата иһитиннэрэр.
«Дроннары 30 эрэ миэтэрэттэн көрөр этим», — диэн байыас бэлиэтиир.
Мантан сылтаан кини СВО балаһатыгар бойобуой сыаллары-соруктары толороругар мэһэйи уонна ыарахаттары көрсүбүт. Дроннар олох чуп-чугас көтөн кэллэхтэринэ эрэ бэлиэтии көрөр эбит. Харах балыыһатыгар быраастар киниэхэ босхо лазернай коррекцияны оҥорон биэрдилэр.
«Саха» НКИХ