Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, Саха сириттэн анал байыаннай дьайыыга кыттар дьон дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэр оҥоһуллаллар.
Докумуон чэрчитинэн, үөрэх эйгэтигэр 11 миэрэ баар, суруйар ЯСИА.
Үөрэх миниистирин бастакы солбуйааччыта Алевтина Аргунова суруналыыстарга эппитинэн, дьыссаакка уонна оскуолаҕа киириигэ баһыйар быраабынан 32 СВО кыттыылааҕын дьиэ кэргэнэ туһанна. Маны сэргэ 27 оҕо эбии үөрэх бөлөҕөр төлөбүртэн босхолонно.
«Биһиэхэ саҥа миэрэ баар — эбии үөрэхтээһин бырагырааматыгар босхо үөрэниигэ быраабы биэрии. Манан 1500-тан тахса оҕо туһанна. Өйөбүл миэрэлэрин кэҥэтэ турабыт, холобур, үөрэх тэрилтэлэригэр итии аһылыгынан хааччыйыы. Бу быраабынан 1600-тан тахса оҕо туһанна», — диэтэ Алевтина Аргунова.
Хаартыска: ЯСИА