Саха сиригэр тулаайах оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга 3 млрд тахса солк көрүлүннэ

Саха сирин бюджета 2025 сылга уонна былааннаах 2026 — 2027 сылларга социальнай хайысхатын уларыппат. Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыыга кэлэр үс сылга үс миллиардтан тахса солк тыырылынна. Ол туһунан Ил Түмэн мунньаҕар тутуу миниистирэ Виктор Романов иһитиннэрдэ.

2025 сылга бу сыалга 849 мөл солк көрүлүннэ, ол иһигэр 140 мөл солк федеральнай бюджеттан кэлэр. 2026 сылга бу суума 1,1 млрд солк дылы улаатар, маннык курдук көрдөрүүнү 2027 сылга былаанныыллар. Онон барыта холбоон 3 млрд тахса солк көрүллэр.

Кини эппитинэн, 2024 сыл бюджетыттан 840 мөл солк муниципальнай хантараак оҥоһулунна, 186 олорор дьиэни бастакы уонна иккис ырыынакка ылыыга. Маны сэргэ 40 дьиэ сертификата бэрилиннэ. Дьиэ сертификатын механизмын икки сыл анараа өттүгэр Ил Дархан Айсен Николаев киллэрбитэ. Бу сертификаттары дьиэҕэ атастаһаллар.

Тутуу министиэристибэтин дааннайынан, уочаракка 2518 киһи турар, онтон 1798-һа бырааптарын бигэргэттилэр.

Читайте дальше