Бүгүн, от ыйын 28 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия 24», «Саха» НКИХ ханаалларыгар итиэннэ «Тэтим» араадьыйанан «Якутия, вперед!» биэриигэ кыттынна. Биэриигэ Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардара уустуктук ааһалларын бэлиэтээтэ.
«Биһиги сирбит-уоппут киэҥинэн, айылҕабыт сайыҥҥы өттүгэр курааннаан-хатан, этиҥнэр элбээннэр, от ыйа баһаар өттүнэн ылар буолахха уустук буолар. От ыйын саҥатыгар, ортотугар турбут улахан баһаардары умуруорбуппут, ол гынан баран балаһыанньа үчүгэй диэн этэр кыахпыт суох, баһаардар тахса тураллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 53 баһаар баара биллэр. Уопсайынан ыллахха, балаһыанньа хонтуруолга тутуллар. Билигин Уус-Маайа уонна Үөһээ Халыма улуустарыгар улахан баһаар бэлиэтэнэр. Манна улахан болҕомто уонна күүс-кыах ыытыллан турар. Баһаардар кый ыраах, уустук суоллаах-иистээх сиргэ турбуттарынан арыый ыарахаттардаах, ол гынан баран биһиги бохсутуохпут диэн эрэнэбит», — диэтэ Айсен Николаев.
Улахан баһаардар тахсыбыт сирдэригэр эбии күүстэри өрөспүүбүлүкэ атын улуустарыттан уонна атын эрэгйиэннэртэн ыыталлар. Баһаары утары күүстээх үлэ барар, федеральнай үбүлээһин ааспыт сылы кытары тэҥ кэриҥнээхтик оҥоһуллубута.