Саха сиригэр 100-тэн тахса оҕо үлэнэн хааччылынна

Саха сиринээҕи дьарыктаах буолуу киинэ «Содействие занятости населения» бырагырааманан сылын аайы 14-тэн үөһэ саастаах оҕолору үлэнэн хааччыйар.

Ыам ыйын бүтүүтэ региоҥҥа 133 улаатан эрэр оҕоҕо үлэ булан биэрдилэр. Кинилэргэ үлэ чааһа толору буолбат.

«Оҕолорго көрүллэр сүрүн үлэлэр: тиэргэни тупсарыы, хомуйуу, үүнээйи уонна сибэкки олордуута, баһаатайдааһын, дьыала оҥоруута. Сокуоннай сааһын туола илик оҕо үлэлиэн баҕалаах буоллаҕына дьарыктаах буолуу киинигэр кэлиэн наада, олорор сиринэн. Үлэни биэрээччи дьарыктаах буолуу киинин кытта дуогабар түһэрсэр, хамнаһыгар эбии көрүллэр биир кэмнээх төлөбүрү киин оҥорор», — диэн суруллар тэрилтэ быһаарыытыгар.

ЯСИА саайта

Читайте дальше