Саха сирэ – саҥа саҕахтарга!

Саха сирэ сүүнэ кыахтаах регионунан биллэр. Онуоха дойду президенин өйөбүлэ бу сүүнэ кыаҕы олоххо киллэрэргэ модун күүс буолла. Владимир Путин Саха сиригэр болҕомтотун уурбута, регион уонна кини олохтоохторугар эрэ буолбакка, бүтүн дойду сайдыытыгар туһалаата.

Күөх төлөнү киллэрии тэтимирдэ

Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ социальнай гаастааһыҥҥа бастакылар ахсааннарыгар киирсэр. Президент Владимир Путин сорудаҕынан, гааһы чааһынай сир учаастактарыгар босхо тардаллар. Бу иннинэ гаас киллэртэрээри ыаллар 2-3 бүк элбэх сууманы ороскуоттууллара. 2023 с. чааһынай учаастактарга гаас утаҕын тардыы 2100 былаантан 2500 куоһарбыт. 2030 с. диэри өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 15,5 тыһ. дьиэҕэ гаас киллэрэр былаан баар.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр гаас киллэртэрэргэ 150 тыһ. солк. суумалаах материальнай көмөнү Саха сирэ дойдуга бастакынан олохтообута. Маннык субсидиянан элбэх оҕолоох, кыаммат ыаллар итиэннэ бойобуой дьайыы бэтэрээннэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, соҕотох олорор пенсионердар уонна инбэлииттэр туһанар кыахтаахтар.

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста: Баҕа санаа туолуута

Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста бырайыага биһиги тыйыс, кытаанах усулуобуйабытын барытын учуоттаан оҥоһуллубут. Эбийиэк 130 млрд солк. кэриҥэ сыаналаах. Владимир Путин Өлүөнэ муостатын 2028 с. диэри тутарга сорудахтаабыта. Маныаха президент тус интэриэһигэр сылдьара муоста бириэмэтигэр тутуллан бүтэрин мэктиэлиир. Ону сэргэ, муоста тутуллуута экономика инники сайдыытыгар улахан оруоллаах. Саха сирин оройуоннарыгар сылы эргиччи тохтоло суох бородууктаны уонна табаары тиэрдэргэ кыахтар үөскүүллэр.

Уһук Илиҥҥэ бастыҥ онкоцентр – биһиэнэ!

Дьокуускайга саҥа онкологическай киин үлэлээбитэ биир ый буолла. Күүтүүлээх, кэтэһиилээх диспансер олунньу 2 күнүгэр дойду президенэ Владимир Путин кыттыылаах аһыллыбыта. Медицинскэй тэрилтэ искэн ыарыытын эмтииргэ көрүллэр бары ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир. Онкологическай киин 4 подразделениелаах. Манна тута көрдөрүнэн, эмтэнэн реабилитация барыахха сөп. Бу иннинэ  ыарыһахтар хаарыан бириэмэлэрин бараан балыыһаттан балыыһаҕа, ардыгар атын регионнарга көрдөрүнэ, эмтэнэ айанныыллара. Бүтүн Саха сирин үрдүнэн дьааҕынас туруорарга үрдүк технологическай медоборудование суоҕа.

«Саҥа киин медицинскэй көмө оҥоһулларыгар үрдүк технологическай оборудованиелаах. Владимир Путин олохтообут «Доруобуйа» национальнай бырайыагын иннинэ ыарыһахтар өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр баран эмтэнэллэрэ. Саҥа диспансер киирэн толору медицинскэй көмөнү манна, миэстэтигэр, оҥорор кыахтанныбыт», – диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи онкологическай диспансер кылаабынай бырааһа Татьяна Николаева кэпсиир.

Дойду президенэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактара өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа балыыһалар, оскуолалар, культура уонна спорт эбийиэктэрэ баар буолууларыгар – эрэллээх акылаат.

Дойду президенэ Владимир Путин Дьокуускайга онкологическай диспансер аһыллыытыгар кыттыыта – бу номнуо иккис улахан медицинскэй эбийиэгэ. Сэтинньи бүтүүтэ дойду баһылыга Таатта улууһугар аныгылыы тутуулаах, оҥоһуулаах поликлиниканы аспыта. Билигин таатталар миэстэтигэр үрдүк хаачыстыбалаах элбэх медицинскэй көмөнү миэстэтигэр ылар кыахтаннылар.

Кэнники 5 сылга Саха сиригэр 274 социальнай инфраструктура эбийиэгэ баар буолла: 50 оскуола, 32 оҕо саада уонна 60-тан тахса саҥа медицинскэй тэрилтэ. Ол курдук, 2023 сылга Дьокуускайга саҥа аныгы тутуулаах 6 салаалаах кардиология киинэ аһыллыбыта.

2024 сыл сайыныгар Дьокуускайга ыытыллар «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууга бэлэмнэнэн, региоҥҥа спортивнай инфраструктураны саҥардыыга күүс уурулунна. Оонньууларга 35 дойдуттан делегация кэлэрэ күүтүллэр. Барыта 2800-тэн тахса спортсмен кыттыыны ылыаҕа, мантан 1600-һэ оҕо. Оонньуу ыытыллар эбийиэктэрэ Владимир Путин көҕүлээбит национальнай бырайыактар суоттарыгар өрөмүөннэннилэр уонна тутулуннулар. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев «Азия оҕолоро» оонньууга бэлэмнэниигэ көмөтүн уонна өйөбүлүн иһин дойду президенигэр махтаммыта уонна норуоттар икки ардыларынааҕы киэҥ ыҥырыылаах оонньуу аһыллыытыгар кыттыыны ыларыгар ыҥырбыта.

Кэлэр кэм маастар-былааннара

Дьокуускай уонна Нерюнгри маастар-былааннарын дойду президенэ Владимир Путин бигэргэппитэ. Өрөспүүбүлүкэбит киинэ кэлэр 6 сылга саҥа, аныгылыы көрүҥнэниэҕэ. Кырата суох болҕомто Дьокуускай тас көстүүтүгэр, ол эбэтэр ураты архитектураны, национальнай колориты харыстыырга ууруллуоҕа.

Маны тэҥэ, Нерюнгри саҥардыллыытын маастар-былаана, Бүлүү, Ньурба куораттарын, Сунтаар сэлиэнньэтин, Усть-Куйга бөһүөлэгин, Намы сайыннарыы, тупсарыы стратегическай докумуоннара бигэргэммитэ. Бу муниципалитеттар маастар-былааннарын экспертэр сөбүлэһиннэрдилэр да, үлэни олоххо киллэрэн саҕалыахтара.

Тутууга муҥутуур көрдөрүү

2023 с. түмүгүнэн, олорор дьиэни тутуу Саха сиригэр историческай муҥутуур улахан көрдөрүүгэ тиийдэ. Региоҥҥа 705 тыһ. тахса кв. м иэннээх олорор дьиэни тутан киллэрдилэр. «Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи программа – дойдуга саамай киэҥ хабааннаах. Бу үрдүк көрдөрүү Уһук Илин регион  сайдыытыгар президент Владимир Путин этиитинэн көрүллүбүт көмө миэрэлэр олоххо киирбиттэрин түмүгэр ситиһилиннэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ бу программа үлэлиир кэмигэр, 180-тан тахса олорор дьиэ тутулунна, 61 тыһ. тахса киһини хаарбах дьиэттэн көһөрөргө былаанныыллар. Бу 1 мөл. тахса хаарбах олорор фонда кв. миэтэрэтин суох оҥорорго көмөлөһүөҕэ. Босхоломмут эргэ дьиэлэр оннуларыгар элбэх квартиралаах саҥа тутуулар баар буолуохтара. 2024 с. бастакы кварталыгар өрөспүүбүлүкэҕэ 12 элбэх квартиралаах дьиэ олоххо киирдэ. Улахан Хатыми, Устье, Теплай ключ, Тумул, Чурапчы, Майа, Сунтаар, Нам, Зырянка уонна Өлүөхүмэ куоратын олохтоохторо саҥа дьиэлэргэ киирэр үөрүүтүн биллилэр.

Биһиги – мөлүйүөммүт!

Саха сирэ төрүөҕүн ахсаанынан Уһук Илин регионнарын ортотугар бастакы, оттон Россияҕа сэттис миэстэ. Оттон Дьокуускай Уһук Илин уонна Сибиир түргэнник улаатар  куората буолар. 2012 с. нэһилиэнньэ ахсаана 296 тыһ.-тан 386 тыһ. киһиэхэ диэри элбээбит. 2023 с. ыам ыйын 29 күнүгэр дойду президенэ Владимир Путин СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кытта көрсүһүүтүгэр, регион демографическай ситиһиитин бэлиэтээбитэ. Бу кэпсэтии дуораана сүтэ илигинэ, өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа рекорд олохтоммута – биһиги ахсааммыт 1 мөлүйүөн киһи буолбута. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев этэринэн, Саха сирин олохтоохторо атын регионнарга көһөн барыылара тохтообут. Бу биир төрүөтүнэн, олохтоох уонна федеральнай былаастар сөптөөх социальнай политиканы олоххо киллэрбиттэрин түмүгэр буолар. Олох таһыма өрөспүүбүлүкэбитигэр түргэн тэтимнээхтик Россия улахан куораттарын тилэх баттаһар.

Биһиэхэ оҕоҕо, ийэҕэ, элбэх оҕолоох ыалларга улахан өйөбүл оҥоһуллар. 2024 сыл дойдуга Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр Оҕо саас сылынан биллэрилиннэ.

Саха сиригэр креативнай индустрия сайдар

Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Уһук Илиҥҥэ соҕотох «Квартал труда» диэн креативнай кластер аһыллан көдьүүстээхтик үлэлиир. Кластер биир сүрүн хайысхатынан, киинэ устуутугар олохтоох бырайыактары Бүтүн Россиятааҕы ырыынакка таһаарыы буолар. Онуоха, холобура, 2026 с. диэри Дьокуускайга уус-уран уонна телевизионнай киинэлэри устар киинэ комплекса үлэлиэхтээх. Оччотугар 2030 сылга олохтоох режиссердар икки төгүл элбэх киинэни усталларыгар кыах бэриллиэҕэ. Киинэ павильона олоххо киирэрин туһугар дойду президенэ Владимир Путин Саха сирин министрдэригэр уонна улахан салайааччыларыгар Уһук Илиҥҥи сайдыы концессиятын боппуруоһун тутталларыгар сорудахтаабыта. Чуолаан, бу финансовай инструмент суотугар, Дьокуускайга киинэ комплекс олоххо киириэҕэ.

Биһиги корр.