Саха норуодунай поэта Савва Тарасов төрөөбүтэ 90 сыла

Саха норуодунай поэта, общественнай диэйэтэлэ, биллиилээх суруналыыс, талааннаах тылбаасчыт Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сыла бу күннэргэ бэлиэтэнэр. 

Савва Тарасов айар үлэҕэ тардыһыытын олоҥхо эйгэтэ күөртээбитэ. 1950 с. саҕалаан бэчээттэнэр эбит. Хоһоонноро өрөспүүбүлүкэ сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар 1950 с. бэчээттэнэллэр. Бастакы «Таптыыр  сахам  тылынан» хоһооннорун кинигэтэ 1961 с. тахсыбыта. Онтон ыла хоһоон уонна поэма сүүрбэччэ кинигэтэ бэчээттэммитэ.

Саха тылыгар Е. Исаев «Суд памяти», С. Островскай «Мама», В. Шекспир «Макбет», «Гамлет», «Король Лир» уонна Эврипид «Медея» поэмаларын тылбаастаабыта.

Кини хоһоонноругар элбэх ырыа-тойук суруллубута.

Бэйэтэ, республика бастыҥ поэтын быһыытынан, поэт Михаил Тимофеевтыын Саха Сирин Өрөгөйүн (гимн) ырыатын тылын суруйбута. Бу үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Махтал суругунан бэлиэтэммитэ.

П. Ойуунускай, А. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй уо. д. а. үйэ-саас тухары хаалалларын туһугар элбэх сыратын биэрбит,  өҥөнү оҥорбут диэххэ наада.

Савва Тарасов биллэр общественнай диэйэтэл: үгүс сыллар тухары Азия уонна Африка дойдуларын суруйааччыларыгар сэбиэскэй кэмитиэт чилиэнэ этэ, «Саха конгреһын» салайааччытын солбуйааччыта, «Олоҥхо» ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ, Саха Сирин кырдьаҕастарын сүбэлэрин чилиэнэ эбит. Россия суруйааччыларын холобоһугун Х сийиэһигэр Үрдүкү Сүбэ чилиэнинэн талыллыбыта.

Бэйиэт ырыа буолбут хоһооннорун Саха сирин олохтоохторо сөбүлээн ыллыыллар::

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С.И. Тарасов уонна М.Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката)
  • Баҕа санаа (Дмитрий Емельянов музыката)
  • Бастакы хаар сылаас нуолура (Марфа Данилова музыката)
  • Миэхэ эн мэлдьитин (Павел Семенов музыката)
  • Сибэккилэр түһүүллэр (Виталий Андросов музыката)
  • Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны (Виталий Андросов музыката)
  • Үчүгэйиэн, сааскы киэһэ (Герман Комраков музыката)
  • Фестиваль ырыата (Захар Винокуров музыката).

Читайте дальше