Соторутааҕыта Үөһээ Бүлүү улууһун Нам сэлиэнньэтигэр “Тобуруокап көмүс күһүнэ” диэн саха норуодунай бэйиэтэ П.Н. Тобуруокап сырдык кэриэһигэр VIII өрөспүүбүлүкэтээҕи хоһоон көҥүл түһүлгэтэ ыытылынна.
Бу тэрээһиҥҥэ Өймөкөөн улуустааҕы аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар “Ай-Молкээн” Ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Марианна Таркова “Эрчим-1972” устудьуоннар этэрээттэрин састаабыгар киирэн сырытта.
Марианна Дмитриевна бу үтүө үгэскэ кубулуйбут Саха сирин араас муннуктарыттан айар куттаах дьону-сэргэни түмэр, сомоҕолуур тэрээһиҥҥэ сылдьан улаханнык биһирээбитин биллэрэр. Кини улус хаһыатыгар Чурапчыттан төрүттээх СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, литературнай түмсүү салайааччыта Римма Корякина биһиги улууспутугар сылдьан айбыт хоһоонун ыытта. Марианна Дмитриевна бу хоһоону истэн улаханнык долгуйбутун, айымньы кини ис дууһатын дириҥник таарыйбытын бэлиэтээтэ.
Римма Иннокентьевна “Халыма” трассатынан айаннаан иһэн, ГУЛАГ саҕанааҕы кэмҥэ бу суол тутуллубут устуоруйатын, тулалыыр айылҕатын илэ хараҕынан көрөн-истэн, дууһатын сытыытык таарыйбыт иэйиитин хоһоонугар хоһуйбута.
ГУЛАГ дуораана
Үлүгэр суолугар соҥооро барыһан
Таас суорба хайалар ытаһа тураллар.
Бу мантан аһыллар аргыардаах аартыктар
Көстүбэт үөр тыыннар сукуҥнаан ааһаллар.
Оо, ханнык хаайыыга эрэйи көрдүгүт,
Хара дьай балыырга түбэһэн өллүгүт.
Иэнэ суох иэдээҥҥэ умсары түстүгүт,
Аана суох алдьархай аһыытын биллигит.
Түүнүктээх бараактар, баалкылаах хойгуолар,
Түүрэйдиир хаһыылар, куһуурар кымньыылар,
Күлүмнүүр күлүктэр, этэрик түөстээхтэр
Үргүйэр тыалларга утары турдаххыт.
Кыа хааннаах өлүктэр, дьардьама уҥуохтар
Ол суолга көмүллэн, тэпсиллэн сүттэххит.
Таас дьүлэй хайалар барытын көрбүттэр,
Ынырык ыар ынчык ындыытын сүкпүттэр.
Дьиппиэрбит арҕастар ымыттан ылбакка
Төргүөлээх баттыкка баттаппыт курдуктар.
Аһыылаах айалар үөрбэлии үтэннэр
Кырдьыгы кэпсээри иитиллэн тураллар.
Муус болгуо дьапталтан хаайыылаах хаһыыта,
Хабыллар сыа саа тыаһа иһиллэн ылаллар…
Римма Иннокентьевна бу биллиилээх «Халыма» трасса айыытын хоһоон көҥүл түһүлгэтин аһаҕас микрофонугар ааҕан иһитиннэрбитин мустубут дьон долгуйан олорон иһиттилэр.
Любовь Кривошапкина