Соторутааҕыта Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт Таатта улууһун Чөркөөх нэһилиэгэр ыытыллыбыт «Мин туйгун норуотум — айар күүс кыһата» диэн култуурунай-үөрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа биһиги улууспутуттан Култуура управлениетын начаалынньыгын солб. Мария Максимова уонна норуот маастара Елена Репина кытыннылар.
— Бастакы күн Былатыан Ойуунускай төрөөбүт алааһыгар тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытын сиэрэ-туома ыытылынна. Бу кэннэ түһүлгэлэринэн күүстээх үлэ тэрилиннэ, — диэн кэпсээтэ Мария Максимова. — Ол курдук, уус-уран айымньы, кэпсиир-ипсиир эйгэлэрэ, олоҥхо киэҥ киэлитэ, «Омук баайа — ыал эйгэтэ», билим — практическай кэмпириэнсийэ, «Өбүгэ олоҕун ситимэ — айар кут иэйиитэ» туой оҥоһук күрэҕэ, «Күкүр Уус утума» тимир уустар күрэхтэрэ о.д.а. буолла.
Киэһэ Сиэйэ уолун «Өбүгэ чорооно» саҥа ырыата сүрэхтэннэ. Биһиги биир дойдулаахпыт Дугуйдаан Винокуров туһунан «Дугуйа хаамар Дугуйдаан» диэн киинэ биһирэмэ ыытылынна.
Пуорум иккис күнүгэр төрүт дьарык көрүҥнэринэн маастар-кылаастары тэрийдилэр.
П.А. Ойуунускай айымньыларынан дьүһүйүү, «Кэрэни кэрэһилиир түһүлгэ» «Халадаай күрэҕин дефилета» үрдүк таһымҥа ааста.
— Биһиги, өймөкөөннөр, бу күрэххэ кыттан улахан биһирэбили ыллыбыт дьиэм этэ. Олоҥхо Ыһыаҕын көрсө «Өймөкөөн-сомоҕо иистэрэ» түмсүү аныгылыы моһуоннаах бохо истиллээх, Тымныы полюһа — Өймөкөөн кэрэ көстүүлэрин, айылҕатын, ытык кыылларын ойуулара киэргэппит таҥастарын тиктибиппит. Бу былааччыйаларга халлааҥҥа харбаһар хайаларбыт, дохсун сүүрүктээх Индигир өрүспүт, тоҥ буору тобулан тахсар ньургуһуммут, туохха да тэҥнэммэт кэрэ айылҕабыт ойууламмыта дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбытыттан үөрэбит.
— Инникитин маннык күрэхтэргэ улууспут аатыттан элбэх буолан күргүөмнээхтик кыттарбыт буоллар бэрт буолуо этэ, — диэн санаатын тиэртэ Мария Максимова.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Биһиги корр.