Саха буолан сандаарыаҕыҥ!

Олунньуга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар «Сахалыы дьыктаан» аахсыйата Өймөкөөн улууһугар көхтөөхтүк ыытылынна.

Үчүгэй нэһилиэгэр барыта холбоон 9 киһи дьыктааны суруйда, — диэн бибилэтиэкэр Наталья Громова кэпсээтэ. — Аахсыйаҕа араас тэрилтэ үлэһиттэрэ кытыннылар. Кинилэр национальнай таҥастаах кэлбиттэрэ көрөргө олус үчүгэй.

Оттон С.М. Егоров аатынан Төрүт нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр дьыктааны 7 киһи суруйда. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк дьаһалтатын үлэһиттэрэ уонна учууталлар көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэргэ дьыктааны бибилэтиэкэр Нина Чачуа суруйтарда.

Төрүттээҕи «Чэчир» уһуйаан 7 иитээччитэ дьыктааны бэйэлэрин тэрилтэлэрин иһинэн суруйдулар. Тиэкиһи Наталья Каландарова аахта.

Томтор нэһилиэгин бибилэтиэкэрэ Татьяна Белолюбская кэпсээбитинэн, сахалыы дьыктааны суруйууну сылтан сыл аайы эдэр дьон сэргиир буолбута кэрэхсэбиллээх. Кинилэр төрөөбүт төрүт тыл суолтатын өйдөөн, өссө дириҥэтэн билээри, бу тэрээһиҥҥэ кытталлар.

Нэһилиэк олохтоохторо дьыктаан суруйуутугар интэриэстэрэ олус улаатта. Олунньу саҕаланыытыгар аахсыйа хаһан буоларын эрдэттэн сураһан, кыттарга бэлэмнэрин биллэрэллэр, — диэн үөрэ-көтө үллэстэллэр бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ.

Уус-Ньараҕа ыытыллыбыт аахсыйаҕа холбоон отучча киһи кытынна. Дьыктааны улуустааҕы култуура управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Мария Максимова  суруйтарда.

Улуус баһылыгын солбуйааччы Саргылаана Можукова уонна култуура управлениетын салайааччыта Аксиния Сивцева мустубуттары сурук-бичик күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтилэр.

Биһиги элбэх омук түөлбэлээн олорор улууһа буоларбыт быһыытынан, бэйэбит тылбытын көмүс ньээкэ курдук сүрэхпитигэр-быарбытыгар, куппутугар-сүрбүтүгэр илдьэ сырыттахпытына, омук быһыытынан кэхтиэхпит суоҕа уонна инникигэ эрэллээх буолуохпут, — диэтэ мустубут дьоҥҥо туһаайан Саргылаана Можукова.

Таба суруйуу — литэрэтиирэ, сурук-бичик тылын нуорматын биир суолталаах салаата. «Сахалыы дьыктаан» табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытылларын санатар тоҕоостоох.

Сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕыҥ.

Евдокия Егорова

Читайте дальше