Россияҕа национальнай траур күнэ бэлиэтэннэ

Баскыһыанньаҕа, кулун тутар 24 күнүгэр, «Крокус Сити Холл» комплекска теракка дьон өлбүтүнэн, Россияҕа национальнай траур күнэ бэлиэтэннэ. Быһаарыыны РФ президенэ Владимир Путин ылбыта.

Судаарыстыба баһылыга буолбут террористическай акт толорооччулара, тэрийээччилэрэ, сакаасчыттара накаастаныахтаахтарын биллэрдэ. «Билигин биһиги, фроҥҥа сылдьар бойобуой доҕотторбут, дойду бары дьонун уопсай иэспит — сомоҕолоһуубут буолар. Эрэнэбин, оннук буолуоҕа, биһиги күүстээх санаабытын, түмсүүбүтүн, биһиги быһаарыныыбытын, эр санаабытын, Россия биир сомоҕо норуотун күүһүн ким да халбаҥнатыа суоҕа. Биһиги элбэх нациялаах уопсастыбабытыгар арахсыыны, уолуйууну, иирсээни ким да таһаарыа суоҕа. Россия ыарахан, сороҕор олус ыарахан олуурдары ааспыта, ити эрээри онтон өссө күүһүрбүтэ. Билигин да оннук буолуоҕа», – диэбитэ Владимир Путин бар дьонугар ыҥырыытыгар.

«Оннук буолуоҕа – биһиги бииргэбит. Дойду барыта өлбүттээхтэр кутурҕаннарын кытта тэҥҥэ үллэстэр, эчэйбиттэр үтүөрэллэригэр баҕарабыт. Эрэнэбин, биһиги кыайыахпыт», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.

Регион баһылыгын ыйааҕынан 2024 сыл кулун тутар 25 күнүн 00.00 чааска диэри өрөспүүбүлүкэҕэ маассабай спорт, культура, сынньатар тэрээһиннэр тохтотулуннулар.

Дойду үрдүнэн кутурҕан күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр ыытыллаллар. Дьокуускайга сарсыарда эрдэттэн Кыайыы болуоссатыгар герой-куорат Москва стелатыгар дьон сибэкки, чүмэчи, оҕо оонньуурдарын аҕалан уураллар.

Кулун тутар 22 күнүгэр «Крокус Сити Холл» комплекска террористическай акт түмүгэр, барыллаан дааннайынан, 133 киһи суорума суолланна уонна 140-тан тахса киһи араас таһымнаах эчэйии ылла.