«Россия Почтата» 172 тыһыынча суругу Моруос Оҕонньорго тиксэрдэ

Ахсынньы саҕаланыаҕыттан дойду олохтоохторо 172 тыһыынча суругу Великай Устюгка резиденцияҕа аадырыстаан ыыттылар. Моруос Оҕонньорго аадырыстаммыт корреспонденцияҕа анаммыт 100-тэн тахсалыы дьааһыгы улахан куораттар почталарын отделениеларыгар туталлар.

Оҕолортон уонна улахан дьонтон суругу Моруос Оҕонньор эрэ туппат, кини национальнай кэллиэгэлэрэ эмиэ ылаллар — Урал Моруос, Ямал Ири, Хел Мучи Чувашияҕа, Йушто Кугыза Марий Элга, Паккайне Карелияҕа, Кыш Бабай Татарстааҥҥа, Сагаан Убгэн Улан-Удэҕэ уонна Тол Бабай Удмуртияҕа.

Хаартыска Ясиа саайта

Эрэдээксийэ