РФ спордун миниистирэ Михаил Дегтяревка спортка саха национальнай көрүҥнэрин толорон көрдөрдүлэр. Салайааччы «Азия оҕолоро» оонньууларга анаммыт эбийиэктэри көрдө. Кини саха оҕунан ытан көрдө, суруйар ЯСИА.
Михаил Дегтярев Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр уонна «Чыпчаал» элбэх хайысхалаах спорт комплексыгар сырытта.
Миниистир өрөспүүбүлүкэҕэ национальнай спорт сайдыытын бэлиэтээтэ. Кини 2025 сылга Таатта улууһугар буолуохтаах «Манчаары оонньуулара» спартакиада бэлэмин туһунан билистэ.
«Саха оҕунан ытыытын сөбүлээтим. Сыалы таптым. Бу иннинэ куобах иннинээҕи тиллэҕин таппытым», – диэтэ Михаил Дегтярев.
Санаттахха, мас-рестлинг, хапсаҕай уонна сахалыы ыстаҥа «Азия оҕолоро» VIII оонньууларын бырагырааматыгар киирдилэр.
ЯСИА саайтыттан