Федерация Сэбиэтин федеральнай тутулга, эрэгийиэннээҕи бэлиитикэҕэ, олохтоох бэйэни салайыныы уонна хотугу сир дьыалаларыгар сис кэмитиэтин чилиэнэ Сахамин Афанасьев эрэгийиэннээҕи нэдиэлэ чэрчитинэн Өймөкөөн улууһун муниципальнай оройуонун баһылыга Александр Оконешниковы кытта көрүстэ.
Парламентарий улуус салайааччыта оройуоннааҕы дьокутааттар Сэбиэттэрин, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарын уонна олохтоох уопсастыбаннаһы кытта бииргэ үлэлэһэн эрэ тутуу, тыа хаһаайыстыбатын, тырааныспар, суол инфраструктуратын, култуура, үөрэхтээһин уо.д.а. боппуруостары инники күөҥҥэ тутар кыахтааҕар ураты болҕомтотун уурда.
– Саҥа баһылык иннигэр үгүс эппиэттээх сорук турар. Онтон биир сүрүннэрэ – быыбардааччыларын, Өймөкөөн улууһун олохтоохторун суолталаах этиилэрин олоххо киллэрии. Бары тыын боппуруостары быһаарыы үгүс. Биллэн турар, Өймөкөөн улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын туспа тутан көрүүнү улуус баһылыга СӨ Бырабыыталыстыбатын иннигэр анаан туруорсуон наада, – диэн РФ сэнээтэр Сахамин Афанасьев бэлиэтээтэ.
Өймөкөөн улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата