РФ сэнээтэрэ быыбардааччыларын туруорсууларын кытта үлэлэһэр

РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев быыбардааччылар туруорсууларын кытта өрүү кэмиттэн кэмигэр үлэлэһэр, кэккэ сытыы боппуруоһу оннуттан хамсатар.

Быйыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Чурапчы уонна Хаандыга учаастактарын икки ардыларынааҕы Р-504 Колыма федеральнай трасса туругун туһунан РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев РФ тырааныспарын миниистирэ Роман Старовойтка официальнай суруга улус хаһыаттарыгар бэчээттэммитэ. Бу докумуоҥҥа сэнээтэр тырааныспар миниистириттэн  Р-504 Колыма федеральнай трассатын көрөр-истэр тэрилтэ ыытар үлэтин, ону тэҥэ бу учаастакка трассаны сайыннарыыга туһуламмыт инники былаан туһунан тустаах иһитиннэриини эппиэтинэстээх дьон ыыталларыгар көрдөспүтэ.

Нормативнай үбүлээһин – сүрүн бэбиэскэҕэ

Бу күннэргэ, чуолаан атырдьах ыйын 21 күнүгэр, РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев суругар хоруй кэллэ. Официальнай суругу (ВТ-Д2-12/19018 №-дээх докумуон) суол үлэтин дьаһайыы уонна эрэгийиэннэри кытта алтыһар боппуруостарынан дьарыктанар РФ тырааныспарга миниистирин солбуйааччыта В.В. Тимофеев ыыппыт:

«РФ Тырааныспарга министиэристибэтэ 2024 сыл от ыйын 22 күнүнээҕи 17-02.428/СА №-дээх суруккар «Халыма» федеральнай суол Р-504 транспортнай уонна эксплуатационнай туругун туһунан маннык иһитиннэрэр: “Росавтодор” тэрилтэ А-360 «Лена», А-331 «Бүлүү» уонна Р-504 «Халыма» федеральнай суолларын өрүү көрөр-истэр. Үлэ бырагырааматын чэрчитинэн 2024-2026 сылларга Р-504 км 197 — км 203+789, км 203+875 — км 214+645, км 214+731 — км 216 учаастактарга тутуу-өрөмүөн үлэтэ ыытыллыахтаах.

Быйыл 177+651 — км 182+540, км 216 — км 280, км 405 — км 417 учаастактарга хапытаалынай өрөмүөн бырайыагын бүтэрэр сорук турар. Федеральнай суоллары, ити этиллибит объектары олоххо киллэрии РФ Бырабыыталыстыбатын 2017 сыл ыам ыйын 30 күнүнээҕи 658 №-дээх «О нормативах финансовых затрат и Правилах расчета размера бюджетных ассигнований федерального бюджета на капитальный ремонт, ремонт и содержание автомобильных дорог федерального значения» ыйааҕар олоҕуран, нормативнай үбүлээһин көрүлүннэҕинэ, былааннанар федеральнай суоллары хапытаалынай өрөмүөннээһин, көрүү-истии тэтимнээхтик барыаҕа. Бэдэрээтчит нормативнай ирдэбиллэр чэрчилэринэн Р-504 “Халыма” суолун ыарахан уйуктаах көлөлөр хаспыт уонна алдьаппыт сирдэрин чөлүгэр түһэриигэ өрүү үлэлиирин бэлиэтиир тоҕоостоох. Маны тэҥэ, РФ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыл ахсынньы 25 күнүнээҕи 3907-р №-дээх Биэс сыллааҕы былааныгар олоҕуран, көрүллүбүт үбүлээһин 2028 сылга диэри кэмҥэ эбийиэктэринэн тарҕатыллан турар. Федеральнай бүддьүөт инвестиционнай кыахтарын учуоттаан туран, Р-504 Колыма трассатын саҥардыытын үбүлээһин боппуруоһа биэс сыллаах былааҥҥа көннөрүүнү киллэриигэ көрүллүөҕэ».

Улууска нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барбыттарынан сибээстээн, Өймөкөөн, Хара-Тумул уонна Биэрэк Үрдэ нэһилиэктэригэр улуустааҕы таһымнаах Сэрэтии үрдүк эрэсиимэ олохтоммута.

РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев быйыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр К.Е. Бычковка официальнай сурук (№ 17-03.345/СА) ыытта: “Күндү Кирилл Евгеньевич! Миэхэ Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Васильева Тамара Егоровна сибээскэ тахсан, уһун ардахтан сылтаан хас да ыа лтиэргэнэ ууга барбытын, нэһилиэккэ уустук балаһыанньа олохтоммутун иһитиннэрдэ.

Нэһилиэк олохтооҕо билигин да, ардах уһуннук түстэҕинэ, Индигир өрүскэ уу таһыма күүскэ үрдүүрүн бэлиэтээтэ. Оччотугар улахан халаан тахсан,  олорор дьиэ сектора уонна социальнай эбийиэктэр ууга барар кутталлаахтар.

Бу балаһыанньаны тус хонтуруолга ылан, Өймөкөөн оройуонугар халаан содулун сэрэтиигэ тахсыбыт хоромньуну толуйууга үлэлэһэр Правительственнай хамыыһыйаны ыытан балаһыанньаны олохтоохтук билсэргэр, үөрэтэргэр көрдөһөбүн”.

Бу боппуруос быһаарылларын РФ сэнээтэрэ хонтуруолга ылла.

Өймөкөөн улууһун пресс-сулууспата

 

Читайте дальше