Уважаемые якутяне! Дорогие друзья!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю вас с Днем государственности Республики Саха (Якутия)!
27 сентября 1990 года была принята Декларация о государственном суверенитете Республики Саха (Якутия). Документ стал важнейшей точкой отсчета, крепким фундаментом для дальнейшего социально-экономического развития региона. Это открыло новую страницу в современной истории республики, у истоков которой стоял наш первый Президент Михаил Николаев. Его имя навсегда будет в памяти и в сердце у благодарного народа. Заветы Михаила Ефимовича остаются во главе угла нашей государственной политики, нацеленной на реальное улучшение качества жизни каждого якутянина.
Сегодня Якутия переживает годы динамичного развития, демонстрирует высокие показатели экономического роста, является локомотивом развития Дальнего Востока. Республика остается крепким оплотом и надежным тылом всей Российской Федерации в сложные времена, когда мощь нашего государства безрезультатно пытаются подавить извне с помощью беспрецедентных санкций, а многие наши соотечественники самоотверженно отстаивают интересы страны на полях военных действий.
В прошлом году мы отметили юбилейную, знаковую дату – столетие со дня образования Якутской АССР. В этом году – рождение миллионного жителя Якутии. Это стало для всех нас запоминающимся событием и поводом для большой радости, как яркий показатель того, что республика многого достигла в своем развитии, в улучшении условий жизни. Сегодня по естественному приросту населения республика занимает первое место на Дальнем Востоке и седьмое в стране. Это знак того, что люди желают жить, заводить семьи и растить своих детей в Якутии, видят перед собой четкие перспективы и связывают свое будущее с дальнейшим развитием нашего региона, обладающего огромным потенциалом для роста.
Сегодня, в День государственности республики, я еще раз хочу поблагодарить всех якутян за активное участие в широкомасштабных выборах. Ваша поддержка – это великая сила, которая придает уверенность в том, что вместе мы сможем добиться прорывных результатов. Чтобы во всех уголках нашей необъятной Якутии в каждом доме ощутили на себе качественные изменения к лучшему.
День государственности Республики Саха (Якутия) – это праздник единения и консолидации всего многонационального народа республики. Это день, который служит напоминанием об ответственности за судьбу нашей земли, ведь мы объединены общими интересами и целями. От каждого из нас, от совместных усилий общества по претворению в жизнь позитивных преображений зависит наше будущее. В единстве всех жителей республики – залог процветания и устойчивого развития якутских городов и сёл. Уверен, что мы будем работать на благо Якутии все вместе, сообща, рука об руку.
Разрешите еще раз поздравить вас с этим знаменательным днем! Примите искренние пожелания благополучия, счастья, крепкого здоровья, достижения успехов во всех начинаниях! Пусть в каждом доме всегда царят мир, любовь и согласие!
С праздником, Якутия! С праздником, дорогие якутяне!
Глава Республики Саха (Якутия) Айсен Николаев
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Күндү доҕоттор!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиибин!
1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларация ылыллыбыта. Бу докумуон эрэгийиэн олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин салгыы сайыннарарга бөҕө тирэх буолбута. Ол курдук, бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев салалтатынан өрөспүүбүлүкэбит аныгы устуоруйатыгар саҥа түһүмэх саҕаламмыта. Михаил Ефимович эппит кэс тылларын Саха сирин нэһилиэнньэтин олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга туһуламмыт судаарыстыбаннай бэлиитикэбитигэр тумус туттабыт. Кини үтүө аата махталлаах норуотун сүрэҕэр, өйүгэр-санаатыгар мэлдьи тыыннаах буолуоҕа.
Билигин Саха сирэ тэтимнээхтик сайдар, экэниэмикэ өттүгэр үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэр, Уһук Илин сайдыытын хамсатар күүс буолар. Бүгүн араас санкциялары киллэрэн дойдубут күүһүн самнара сатыыр, үгүс биир дойдулаахтарбыт байыаннай дьайыы хонуутугар бэйэлэрин харыстаммакка дойдубутун көмүскүү сылдьар уустук кэммитигэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбит Арассыыйа Федерациятын бигэ тирэҕэ уонна эрэллээх тыыла буолар.
Ааспыт сылга Саха АССР тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбиппит. Быйыл – Саха сирин олохтооҕун ахсаанын мөлүйүөҥҥэ тиэрдибит оҕо төрөөтө. Бу үтүө сонун хас биирдиибитигэр умнуллубат бэлиэ түгэн буолар уонна өрөспүүбүлүкэбит иннин диэки хардыылыырын мэктиэлиир. Бүгүн Сахабыт сирэ нэһилиэнньэ ахсаанын үүнүүтүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон дойдуга – сэттис миэстэни ылар. Бу көрдөрүү дьон Саха сиригэр олорор, дьиэ-уот тэринэр, оҕо-уруу төрөтөр баҕалааҕын, чопчу сыаллааҕын, инники олоҕун биһиги эрэгийиэммитин сайыннарыыны кытта ситимниирин бэлиэтэ буолар.
Бүгүн, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүгэр, киэҥ далааһыннаах быыбарга кыттыбыт дьоммутугар-сэргэбитигэр өссө төгүл махтанабын. Эһиги өйөбүлгүт – бары бииргэ өссө үрдүк түмүктэри ситиһэрбитигэр сүдү күүс буолар. Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сиригэр олохпут хаачыстыбата үрдүүрүн ситиһиэхтээхпит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнэ – өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор норуоттар бары сомоҕолоһор уонна түмсэр күммүт. Биһиги бары биир сыаллаах буоларбыт быһыытынан, бу күн биһиги Ытык дойдубут туһугар эппиэтинэстээхпитин санатар. Кэскилбит хас биирдиибититтэн, уопсастыбабыт олоххо үтүө уларыйыылары киллэриититтэн тутулуктаах. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо биир сомоҕо буоларбыт – Саха сирин куораттара уонна нэһилиэктэрэ чэчирии сайдалларын мэктиэтэ. Өрөспүүбүлүкэбит туһугар бары бииргэ, биир санаанан үлэлиэхпит диэн бигэ эрэллээхпин.
Бу үөрүүлээх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Чөл туруктаах, дьоллоох, ситиһиилээх буолуҥ! Хас биирдии дьиэҕэ эйэ, таптал уонна өйдөһүү баар буоллун!
Бырааһынньыгынан, Сахам сирэ! Бырааһынньыгынан, Сахам сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев