Потребкэпэрэтииптэри өйүүргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн быйыл 143 мөл. солкуобай тиксэрилиннэ

Тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр анаан, “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2020 – 2024 сылларга тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырьетун уонна аһын-үөлүн ырыынактарын сүрүннээһин” судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэрии сүнньүнэн, 2020 сылтан саҕалаан өйөбүл саҥа төһүүтэ олохтоммута. Ол – тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэрэ хотон, сайылык уонна оҕуруот аһын, хортуоппуйу уурар-харайар эбийиэги тутталларыгар, саҥалыы оҥостоллоругар көрсөр ороскуоттарын сорҕотун толуйууга үбүнэн көмө.

Өйөбүлгэ, биллэн турар, баҕарбыт эрэ барыта тиксибэт. Балаһыанньа быһыытынан, саҥа тутуллуохтаах эбэтэр саҥалыы өрөмүөннэниэхтээх хотон 100 төбө ынах сүөһүгэ суоттанар итиэннэ симиэтэ отчуотугар ыйыллыбыт ороскуот 90 бырыһыаныттан тахсыбат, ол гынан баран, биир кэпэрэтиипкэ 10 мөл. солкуобайтан ордуга суох кээмэйдээх субсидия бэриллэр. Потребительскай   кэпэрэтииптэр сайылык туттар, саҥалыы оҥостор буоллахтарына, эмиэ 100 төбө сүөһүгэ суоттаныахтаахтар. Симиэтэҕэ ыйбыт былаанныыр ороскуоттарын эмиэ 90 бырыһыаныттан таһымнаабат кээмэйигэр көмө оҥоһуллар. Ити эрээри, сайылыкка 3 мөл. солкуобайтан ордук бэриллибэт. Оҕуруот аһын, хортуоппуйу уурар-харайар тутуу, муҥутаан, 100 туоннаҕа диэри киирэр истээх буолуохтаах. Ороскуот 90 бырыһыана толуйуллар. Субсидия муҥутуур кээмэйэ 8 мөл. солкуобайтан тахсыа суохтаах.

Көмө саҕаламмыт сылыгар 6 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибигэр 100-түү төбө сүөһүгэ саҥа хотон тутталларыгар 36,9 мөл. солкуобай бэриллибитэ. Онтон эһиилигэр, 2021 сыллаахха, 14 кэпэрэтиип холбоон 98,5 мөл. солкуобайдаах субсидия харчытын ылбыттара. Бу иһиттэн 6 кэпэрэтиип 100-түү сүөһү турар хотонун туттубута. Былырыын 7 кэпэрэтиип көмөнөн туһаммыта. Кинилэргэ холбоон 48,5 мөл. солкуобай тиксэриллибитэ: хотон туттар 4 кэпэрэтиипкэ– 36,3 мөл. солкуобай, 2 кэпэрэтиипкэ сайылык тутталларыгар – 4,3 мөл. солкуобай уонна 1 кэпэрэтиип оҕуруот аһын, хортуоппуйу уурар-харайар эбийиэги туттарыгар – 7,9 мөл. солкуобай.

Инньэ гынан, үс сыл устатыгар 19 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ 27 эбийиэги (23 хотону, 2 сайылыгы уонна 1 оҕуруот аһын уурар-харайар эбийиэги)  туттарыгар 183,9 мөл. солкуобайдаах судаарыстыба өйөбүлүн ылла.

Быйыл бу хайысхаҕа 60 мөл. (чуолкайа – 59 мөл. 900 тыһ.) солкуобай көрүллүбүтүн Хаҥалас, Кэбээйи, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар үлэлиир кэпэрэтииптэргэ 4 хотон, Кэбээйи, Томпо, Сунтаар улуустарыгар 5 сайылык уонна Нам улууһугар оҕуруот аһын уурар-харайар эбийиэк тутууларыгар үллэрэн биэрдилэр.

Ону тэҥэ Амма, Булуҥ, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Кэбээйи, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Аллараа Халыма, Уус Алдан, Усуйаана, Чурапчы улуустарыгар баар 46 потребительскай кэпэрэтиип үлэтин өйөөн, тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын астыыр тэрили атыылаһалларыгар анаан 82 мөл. солкуобай үллэриллибитэ. Көмө үп кээмэйэ атыы ороскуотун 50 бырыһыаныттан уонна биир кэпэрэтиипкэ 3 мөл. солкуобайтан тахсыа суохтаах. Бу сэтинньигэ ыйга киирэн баран, ордубут 1 мөл. 140 тыһ. солкуобайга эбии куонкурус ыытыллыбытыгар 8 кэпэрэтиип кыайыылааҕынан талыллан, субсидияҕа тигистилэр. Өйөбүл кээмэйэ улаханнык арыттаһар. Холобур, Бүлүүттэн “Уйгу” астыыр-үөллүүр потребкэпэрэтиип 58 208 солкуобайы, Сунтаартан “Үрдэл” улуустааҕы хааччыйар-батарар потребкэпэрэтиип 483 632 солкуобайы ылыахтара.

ыйыл судаарыстыбаттан көмө ылбыт потребкэпэрэтииптэр бу 2023 сыл иһинэн дьоҕус уонна орто урбааннаах итиэннэ кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон истэриттэн 544 саҥа чилиэни бэйэлэригэр тардыахтаахтар. Өрөспүүбүлүкэҕэ, ааспыт сыллааҕы түмүгүнэн отчуоттаабыт тэрилтэ ахсааныттан сирдэттэххэ, 226 тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибэ баарыттан ынах сүөһүнү, сылгыны иитиигэ өҥө оҥорооччута – 154, астыыра – 55, хааччыйара-батарара – 7, кирэдьииттиирэ – 10. Потребительскайдар бары холбоон 43 тыһ. чилиэннээхтэриттэн 36,4 тыһ. киһи (82 бырыһыана) кирэдьииттиир кэпэрэтииптэргэ турар. Өҥө оҥорооччулар 2,8 тыһ., астыыр-үөллүүр кэпэрэтииптэр 4,1 тыһ. чилиэннээхтэр. Онон, чуолаан, тыа сиригэр дьон сүөһүтүн-сылгытын көрөр-иитэр кэпэрэтииптэр кэккэлэрин хаҥаталларыгар ис кыах баар. Оҥоһуллар өйөбүл төһөнөн элбэх киһини хабар даҕаны, соччонон көдьүүстээх буолуоҕа биллэр.

 

Василий Никифоров

Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин пресс-сулууспатын

(Анна Сергучева) хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше