Пааматынньыктары харыстааһын — уопсастыба ытык иэһэ

Пааматынньыктары уонна ытык сирдэри харыстааһын аан дойдутааҕы күнүн чэрчитинэн соторутааҕыта өйдөбүнньүк тэрээһин буолан ааста.

Бу күн Томтордооҕу Н.М. Заболоцкай-Чысхаан аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл (сал. А.П. Иванова) үлэһиттэрин көҕүлээһининэн сэлиэнньэҕэ баар пааматынньыктарга уонна ураты болҕомтону тардар сирдэргэ, стелаларга экскурсия ыытылынна.

Патриотическай дьаһалга нэһилиэк олохтоохторо уонна оскуола үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Оҕолорго анаан “Билэҕин дуо?” диэн викторина ыытылынна.

Томтор нэһилиэгэр ытык сирдэринэн “Тымныы Полюһа” стела, С.В. Обручев аатынан искибиэр, Э.Г. Светецкэ аналлаах өйдөбүнньүк бэлиэ, АлСиб салгын трассатын авиатордарыгар аналлаах пааматынньык, Өйдөбүнньүк куолакала, атыыһыт Н.О. Кривошапкин искибиэрэ, Улуу Кыайыыга аналлаах пааматынньык о.д.а. буолаллар.

Бу ытык сирдэр Өймөкөөн сиригэр кэлэр ыалдьыттар, туристар болҕомтолорун өрүүтүн тардар устуоруйа кэрэһиттэринэн буолаллар.

Любовь Кривошапкина

Читайте дальше