Өбүгэлэрбит атырдьах ыйын 14 күнүгэр, маҥнайгы Ыспааһапка, “хотуур ортото” диэн ааҕаллара. Бу күн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 328 573 туонна от кэбиһиллэн, былааннаммыт кээмэйтэн 71 бырыһыана туолла. Былырыын баччаҕа 239 279 туонна от чөкөтүллүбүтүгэр тэҥниир буоллахха, быйыл оттооһун хаамыыта хайдах саҕаламмытын курдук урутаан иһэр.
Кураан күннэр уһуннук туран биэрэннэр, кэтэх уонна бытархай бааһынай хаһаайыстыбалаахтар оттоон бүтэн, хотуурдарын көхөҕө ыйаабыттара ыраатта. Ааспыттааҕы суруйуубар бэлиэтээбитим курдук, атырдьах ыйын 10 күнүттэн ходуһаларга “көҥүл хотуур” биллэриллибитэ. Онон чугаһынан оттоммокко, быраҕыллан хаалбыт сир диэн суох буолуохтаах.
Тиийбэт оттоох хаһаайыстыбалар ыраах үрэх бастарыгар оттуурга мобильнай биригээдэлэри тэрийэн туруораллар. Билиҥҥитэ 9 улуус 172 мобильнай биригээдэни сайаапкалаан олорор эрээри, эрдэ саҕалаабыт Амма, Орто Халыма, Куорунай улуустарыгар Мэҥэ Хаҥалас кэнниттэн Бүлүү отчуттара эбилиннилэр. Отчуоттанар кэмҥэ Мэҥэ 3 звенота 251, Бүлүү 11 звенота 833 туонна оттоннулар. Инньэ гынан, 5 улуус 69 биригээдэтэ 4 337 туонна оту кэбистилэр. Санатан эттэххэ, 172 мобильнай биригээдэ 15 991 туонна оту бэлэмниир былааннаах.
Сүөһү сүмэһиннээх аһылыгар 23 885 туонна сиилэс угуллуохтаах уонна 12 876 туонна сенаж сууланыахтаах. Сиилэстээһиҥҥэ быйыл Хаҥалас хаһаайыстыбалара ордук тэтимнээхтик турунан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 1 410 туонна сиилэс угуллубутуттан 1 100 туоннатын бу улуус дьоно бэлэмнээтилэр. Хаҥалас улууһугар 3 тыһ. туонна сиилэс былаана тиэрдиллибитин 500 туоннанан куоһарарга соруктаналлар. Дьокуускайдар 300, Мэҥэ Хаҥалас хаһаайыстыбалара 10 туонна сиилэстэннилэр. Сенаһы оҥорууга турунуу, былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, эмиэ сэниэтэ суох: Дьокуускай уонна 12 улуус хаһаайыстыбалара бэлэмниэхтээхтэриттэн билиҥҥитэ Алдан 280, Дьокуускай 100, Өлүөхүмэ 16-тан тахса туонналыыны хомуйан суулаатылар.
Василий Никифоров. Хаартыска «Эркээйи» хаһыат архыыбыттан