Оттооһун хаамыыта: охсууга Чурапчы, кэбиһиигэ Нам отчуттара инники иһэллэр

Быйыл сайын отчуттар ходуһаҕа киириилэрэ, ааспыкка бэлиэтээбиппит курдук, көхтөөхтүк саҕаланна. Ол гынан баран, сүнньүнэн, хотугу улуустарга уонна Куорунайга, Ньурбаҕа, Мииринэйгэ, Дьокуускай Сатайыгар билиҥҥэ диэри салаа оту быһа охсо иликтэр. Хоту эҥээргэ от ситэ илик буоллаҕына, дойду сир отчуттарын этиҥнээх ардах түһэн ааһара, сороҕу “абааһы мунньаҕа” атахтыыллар.

Бастакылар хотуурдарын от ыйын 3 күнүгэр тыаһаппыттара. Аныгы үйэ отчуттара тиистэригэр тиийэ сэбилэниилээх буоланнар, тиэхиньикэ күүһүгэр тирэҕирэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр улуустартан түмүллэр суһал иһитиннэриилэринэн сирдэттэххэ, от ыйын 13 күнүнээҕи туругунан, ходуһаларга 3 084 тыраахтар тахсыбыт. Үс хонуктааҕыта (субуокка нэдиэлэҕэ иккитэ, бэнидиэнньиккэ уонна чэппиэргэ, хомуйуллар) 1 733 тыраахтар баара.

От үлэтигэр барыта 2 508 звено туруммутуттан толору мэхэньисээссийэлээҕэ – 794, мэхэньисээссийэ аҥаардааҕа – 1 226, көлө-илии звенота – 28, кыһыл илиинэн оттооччута – 457. Илии хотуурун угут сирдээх-уоттаах Үөһээ Дьааҥыга (182), Бүлүүгэ (104), Өлүөхүмэҕэ (37), Кэбээйигэ (32), Үөһээ Бүлүүгэ (30), Үөһээ Халымаҕа (21), Намҥа (17), Сунтаарга (15) хото уонна Ленскэйгэ, Томпоҕо, Уус Алдаҥҥа, Эбээн Бытантайга аҕыйахтыы биригээдэ тутталлар. Ол эрээри, тиэхиньикэлээх даҕаны, токур хотуурдаах даҕаны отчуттар ситэ тахса иликтэринэн, чопчу түмүгү оҥорорго эрдэ.

Бу кэмҥэ саамай элбэх киһи Сунтаар (729), Мэҥэ Хаҥалас (724), Амма (680), Чурапчы (599), Уус Алдан (587), Нам (574), Үөһээ Дьааҥы (496), Өлүөхүмэ (485) ходуһаларыгар үлэлии сылдьар. Охсуу иэнинэн Чурапчы (2 295 гектар), Мэҥэ Хаҥалас (2 029), Амма (1 998), Уус Алдан (1 882,1) улуустара атыттартан ырааҕынан урутаан иһэллэр. Тыһыынчалаах кирбиини намнар (1 019,5) уонна сунтаардар (1 004,5) ыллылар. Кэбиспит отторун кээмэйинэн Нам (1 139,5 туонна), Чурапчы (846), Амма (833) инники иһэллэр.

Ыйааһыҥҥа уурдахха, ыйыллар кэмҥэ 6 204 туонна от чөкөтүлүннэ. Былырыын баччаҕа, от ыйын 14 күнүнээҕи дааннайынан, 2 931 туонна от кэбиһиллибитэ. Бүттүүн охсуу иэнэ эмиэ икки бүктэн ордук: былырыыҥҥы 6 002 гектар оннугар 13 849 гектар. Быйыл от үлэтэ эриэ дэхситик саҕаламмыта дьон турунуута көхтөөҕүттэн тутулуктаах. Тэҥнэбилгэ эттэххэ, ааспыт сайын баччаҕа 1 492 звено уонна 1 516 тыраахтар ходуһаҕа тахсыбыттара.

Былааны толорууга Нам (4,13%), Амма (2,58%), Кэбээйи (2,31%), Чурапчы (1,99%), Хаҥалас (1,88%)  өрөспүүбүлүкэ орто көрдөрүүтүн (1,35%) куоһаран иһэллэр. Ол эрээри, былаан – былаанынан, дьиҥ олоххо баарынан ылан көрдөххө, арыый атын хартыына уруһуйданан тахсааччы. Улуустар оттооһун субуоккатын хомуйалларыгар сыыппаранан эрэ муҥурдамматтар, от үүнүүтүн чинчилээн, ол иһигэр ыраах сытар сирдэрин көрөн-истэн баран, баччаны оттуохпутун сөптөөх диэн бэйэлэрин билгэлээһиннэрин биэрэллэр. Ол курдук, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 459 307 туонна от (ааспыт сылга оттоммут кээмэйтэн 15 %-нан элбэх) бэлэмнэниллиэхтээх былаана ылыллыбытыттан улуустар 403 901 туоннатын, ол эбэтэр 87,94 бырыһыанын толорор кыахтаахтар. Онон, чычырбаһа – 55,4 тыһ. туонна от. Суруйдахха дөбөҥүн иһин, Мэҥэ Хаҥалас уонна Куорунай улуустарын сүөһүтэ-сылгыта дьыл тахсар аһылыгар тэҥнээх кээмэй.

Сэниэлээх киһи үргээн даҕаны оттуох кыра кээмэйдээх эрээри, Аллайыаха (65 туонна) уонна Эбээн Бытантай (2 395 туонна) улуустара 32-36 эрэ бырыһыанныытын бэйэлэрин күүстэринэн буларга суоттаналлар. Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Кэбээйи, Мииринэй, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Усуйаана, Чурапчы 60-тан 80-ҥа диэри, Үөһээ Бүлүү, Куорунай, Ньурба, Аллараа Халыма, Сунтаар, Томпо, Уус Алдан 80-тан, Амма, Мэҥэ Хаҥалас улуустара уонна “Сатай” куораттааҕы уокурук 90-тан тахсалыы бырыһыаны билгэлииллэр.

Хаһаайыстыбалар сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ ордук эрэмньилээхтэр. Сиилэскэ 14 улуус уонна Дьокуускай куорат былааннаах буоллахтарына, бары толорор бигэ санаалаахтар. Ол курдук, 23 885 туоннаны 5,86 бырыһыанынан аһарарга суоттаналлар. Чуолаан, 3-түү тыһ. туонна былааннаах Ленскэй 300, Сунтаар 600, Хаҥалас 500 туонналыынан элбэҕи угуохтара. Сенажка Дьокуускайы кытта 12 улуус үлэлэһэр. Хаһаайыстыбалар былааннаммыт 12 876 туонна сенаһы суулуурга эрэннэрэллэр. Билиҥҥитэ мобильнай биригээдэлэри тэринэр туһунан боппуруос көтөҕүллэ илик. Бука, мантан сайын-күһүн күн-дьыл хайдах быһыыланарыттан көрөн быһаарыы ылыллар буолуохтаах.

Василий Никифоров

Читайте дальше