Оттооһун хаамыыта: өрөспүүбүлүкэ окко былаанын 80 бырыһыана туолла

Саха сирин улуустарыгар уонна куораттардааҕы уокуруктарыгар, атырдьах ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, 365 598 туонна от кэбиһиллэн, бүттүүн былааннаммыт кээмэйтэн 79,60 бырыһыана туолла. Былырыын баччаҕа 268 698 туонна кэбиһии турбутун кытта тэҥнээтэххэ, быйыл 100-чэ тыһ. кэриҥэ туоннанан элбэҕэ сүөһүгэ дороххой аһылыгы бэлэмнээһин хаамыыта таһыччы ордугун көрдөрөр.

Бастыҥнар былааннаммыт отторун толороллоро чугаһаата. Ол курдук, Нам, Куорунай, Уус Алдан улуустара 90-нуу бырыһыантан таһаардылар. Маныаха уус алданнар сабаҕалаабыт 30 тыһ. туонналарын (былаантан 89,61%) 444,9 туонна отунан аһардылар уонна салгыы толорор туһугар үлэлииллэр. Өссө 9 улуус 80-тан тахсалыы бырыһыан отторун кэбистилэр (инфографикаҕа көр). Өрөспүүбүлүкэ оттооһуҥҥа орто көрдөрүүтүттэн элбэҕи оттоон иһэр улуустар бары былырыыҥҥы таһымнарын лаппа куоһардылар.

Холобур, куорунайдар былырыын баччаҕа 6 651 туонна кэбиһиилээх буоллахтарына, билигин 11 454,6 туонна оту чөмчөтөн, былааны толоруу бырыһыанынан иккис миэстэҕэ эрэллээхтик иһэллэр. Ааспыт кыстыкка былааннаах отун аҥаарын эрэ ылбыт Кэбээйи улууһа, бэлиэр, 80 бырыһыаннаах кирбиини аһарда. Бу улуус отчуттара быйыл былааннаммыт кээмэйтэн  81,61 %-ын кэбиһэри сабаҕалаабыттара эрээри, хотууру-кыраабылы көхөҕө ыйыырга өссө даҕаны эрдэ буолан, мантан күһүн ходуһаларын уута тартаҕына (эрдэ үүнүү 30 %-ҥа тиийэ ууга олорор этэ), өссө даҕаны балачча тиниктэһэр санаалаахтар.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн иһитиннэрэллэринэн, өрөспүүбүлүкэ 9 улууһугар 170 мобильнай биригээдэ тэриллэн, ыраах быраҕыллан сытар сирдэргэ тиийэн оттуур ороскуоттарын сорҕотун толуйууга 14 мөл. 454 тыһ. солкуобай кээмэйдээх өйөбүл көрүллүбүтэ билигин улуустары кытта сөбүлэһии түһэрсии түһүмэҕэр сылдьар. Мобильнайдар 15 991 туонна оту кэбиһэр былааннаахтарыттан, билиҥҥи туругунан,8 улууска 100 биригээдэ отчуттара 6 975 туоннатын бэлэмнээтилэр. Бастакынан туруммут Амма улууһун 24 звенота 2 422 туонна кэбиһиилээх. Бүлүү 18 звенота 1 933, Куорунай 31 биригээдэтэ 1 102,5 туонналыы оттоохтор. Тааттаҕа 13 биригээдэ 750, Мэҥэ Хаҥалас 3 биригээдэтэ 357, Кэбээйигэ 6 звено 351 туонналыы оту туруордулар. Орто Халыма соҕотох биригээдэтэ 30, Үөһээ Халымаҕа 4 звено 29,5 туонналыы кэбиһиилээхтэр.

Сүөһүгэ сүмэһиннээх аһылыгы бэлэмнээһин билигин даҕаны тэтимин ыла илик. Былааннаммыт 23 885 туонна сиилэстэн 19,30 бырыһыана угулунна. Сиилэстээһиҥҥэ Хаҥалас (60%) уонна Амма (52,63%) хаһаайыстыбалара атыттартан лаппа атан, урутаан иһэллэр. Сиилэһи бэлэмнээһиҥҥэ барыта 14 улуус уонна Дьокуускай куорат былаан ылыммыттарыттан Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мииринэй, Нам, Ньурба, Өлүөхүмэ, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы билиҥҥэ диэри көрдөрүүлэрэ суох.

Сенажтааһыҥҥа турунуу эмиэ көҕө суох: 12 996 туонна сууланыахтааҕыттан 2 323 туоннатын 9 улуус уонна Дьокуускай хаһаайыстыбалара бэлэмнээтилэр. Сүөһү сүмэһиннээх аһылыгын бу көрүҥэр 13 улуус уонна Дьокуускай куорат былааннаахтар. Ол гынан баран, Чурапчы 900, Мэҥэ Хаҥалас 250, Дьокуускай 200, Үөһээ Дьааҥы 120 туонналыыны сенажтаан, былааннарын толордулар. Былырыын баччаҕа 1 801 туонна сенаж уонна 8 948 туонна сиилэс оҥоһуллубуттарын кытта тэҥниир буоллахха, сиилэстээһин икки төгүл хаалан, сенажтааһын өссө арыычча сэниэлээхтик баран иһэр.

Василий Никифоров

Читайте дальше