От былаанын толоруу бырыһыана нэдиэлэ саҥатыгар бэлиэтэммиттэн улаханнык хамнаабата: атырдьах ыйын 26 күнүгэр 80 бырыһыан эбит буоллаҕына, 29-ка кэлэн, икки эрэ бырыһыанынан эбилиннэ. Маны улахан кээмэйдээҕи бэлэмниир улуустар, сүнньүнэн, оттоон бүтэн эрэллэринэн быһаарыахха сөп.
Ол курдук, быйыл сайын наар инники сылдьыбыт Нам 95,1, Хаҥалас 90, Кэбээйи 93,1 бырыһыаннарыттан сыҕарыйбатылар. Ньурба 89-тан 91-гэ, Үөһээ Бүлүү 89,1-тэн 90,3-кэ, Ленскэй 86,1-тэн 90,1-гэ өрө таҕыстылар. Бу сырыыга Уус Алдан 29 945 (былаана – 30 тыһ.) туонна оту кэбиһэн, былаанын толороро букатын кыра хаалла (99,8%) уонна эмиэ инники күөрэс гына түстэ.
Курааннаабыт илин эҥээргэ уус алданнары тэҥэ барыларыттан улахан былааннаах Мэҥэ Хаҥалас улууһа куһаҕана суох көрдөрүүлээх: бу кэмҥэ 35 171 туонна оту туруоран, былаанын 83,9 бырыһыанын толордо. Амма, Таатта, Чурапчы 70-ча бырыһыаннаах эгил-тэгил иһэллэр.
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн мобильнай биригээдэ ахсаана аҕыйах күн иһигэр 179-тан 205-кэ тиийдэ. Ньурбалар 2, өлүөхүмэлэр 4 биригээдэни туруорбуттара ахсааҥҥа саҥа көһүннэ. Дьиҥинэн, тустааҕынан 50 уонна 42,11 бырыһыаннарын кэбиһэн, былааннарын ортолоппуттар эбит. Уус алданнар биригээдэлэрин ахсаанын 2-тэн 25-кэ диэри элбэттилэр. Өрөспүүбүлүкэ мобильнайдара холбоон 36 тыһ. туонна оту ыраах (4 көстөн тэйиччи) тиийэн бэлэмниир былааннаахтарын лоп курдук аҥаарын (18 108 туонна – былааннаммыттан 49,28 бырыһыана) толордулар.
Отчуоттанар кэмҥэ сиилэһи угуу 40 (ааспыкка 33 этэ), сенаһы суулааһын 18 (14 этэ) бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Бу иһигэр сиилэс былаанын аһара толорбуттар бааллар: Дьокуускай 143, Амма 105 бырыһыантан таһаардылар. Сунтаар өрөспүүбүлүкэҕэ Мэҥэ кэнниттэн Хаҥалаһы кытта иккис элбэҕи сиилэстиир (3 000 туонна) былааннаах эрээри, эрдэттэн саҕалаан лаппа чугаһаппыт (96%) буоллаҕына, ыаллыы сытар ньурбалар, үөһээ бүлүүлэр, бүлүүлэр иликтэр. Сенажка бастыҥ Амма улууһа 66 бырыһыаннаах.
Бу суруйуубар оттооһуҥҥа хаалан иһэр улуустартан суолталаахтара диэбиттэрбин кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэн, тугун-ханныгын билэргэ соруннум. Ол курдук, төрүт сүөһүбүт төлкөтүн түстээбит Эбээн Бытантай улууһа 893 туонна оту туруоран, былаанын 35,7 бырыһыанын толорон иһэр. Хотугу дьоҕус улуус тыатын хаһаайыстыбатын бастакы сылын салайар Лена Бочкарева этэринэн, үөһэттэн тириэрдиллэр былаан-сорудах 2 501 туонна от эбит буоллаҕына, улуус бэйэтэ былаанныыра – 1 308 туонна. Лена Дмитриевна: “Былааммыт 62 бырыһыанын толорон иһэбит”, – диэбититтэн сиэттэрэн, чуолкайдаспыппар:
“Биһиги сылгыбыт кыһын хаары хаһан айаҕын булунар. Ити министиэристибэ сүөһү-сылгы аһылыгын единицатын барытын холбуу ааҕарыттан былааммыт улахан курдук көстөр”, – диэн быһаарда.
Эбээн Бытантай – ураты айылҕалаах дойду, от атырдьах ыйыгар биирдэ ситэр. Онуоха эбии быйылгы дьикти сайын моһуоктаан, атырдьах ыйын супту ардаабыт.
“Оттуохтаах кэммит оройугар самыыр атахтаата. Аны 28-с сарсыарда хаар кыыдамнаата. Былырыын оттоммут сирбит үүммэккэ, лаҥханы, дулҕа сиэлин охсоллор. Ол гынан баран, кэтэхтэр тиниктэһэн, кыстыыр отторун булуннулар. Хаһаайыстыбаларбытыгар даҕаны балаһыанньалара олус куһаҕана суох”, – диир улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта.
“Саха сүөһүтэ” удьуор пуондатын хааһына тэрилтэтин сүөһүтэ манна Саккырыырынан уонна Кустуурунан турар. Отделениелар управляющайдара отчуттар звеноларын бэйэлэрэ салайаллар. Саккырыыр өттүгэр, көмөҕө диэн субуотунньук (“вахта ньыматынан” диэн ордук барсара дуу) тэрийэн, бүддьүөт тэрилтэлэриттэн 3-түү, 4-түү үлэһит хамнастарын суотугар биирдии нэдиэлэнэн солбуһан оттоһо тахсаллар эбит. Хаһаайыстыба пресс-подборщига алдьанан, билигин барытын илиинэн мунньа, кэбиһэ сылдьаллар.
Кустуурга биирдиилээн дьон оттоон, хаһаайыстыбаҕа 10-нуу тыһ. солкуобайга атыылыыллар. Нэһилиэк дьаһалтата оттообут киһи ороскуотун сабарга онно эбии 2 тыһ. солкуобайы төлүүр. Дьарҕаалаах баһылыга 3 тыһ. солкуобайы төлүүбүн диирин ким даҕаны күөх оту быһа охсубат үһү. Улуус үрдүнэн 750-ча саха сүөһүтүн кытта 1400-чэ сылгыны кыстатыахтаахтар. Былырыын сылгыга олус ыарахан дьыл ааспыта. Кэлээри турар кыстык Дьөһөгөй оҕотугар хайдах тосхоллонуон айбыт таҥара эрэ билэр. Ол эрээри, уотурбаны, бурдугу эрдэттэн хаһаанан кыстыгы этэҥҥэ туоруохтарыгар саҥа салайааччы эрэллээх.
Аны Томпо улууһугар тиийэбит. Бу кэмҥэ былаан-сорудахтан 57,6 бырыһыанын кээрэппиттэр, ол эбэтэр 5 747 туонна оту бэлэмниэхтээхтэриттэн 3 308 туоннатын кэбистилэр. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Дмитрий Ефимов иһитиннэрэринэн, төһө даҕаны үстүү күн буола-буола ардах түһэн харгыстаатар, улууска оттооһун хаамыыта тэтимнээхтик барар, эрдэ 70 бырыһыан оттоноллорун сабаҕалаан олорбут буоллахтарына, 83 бырыһыаҥҥа өрө таһаарбыттар.
Онуоха Дмитрий Будимирович туох-ханнык иннинэ мобильнай биригээдэлэригэр эрэнэрин биллэрдэ. Улуус хаһаайыстыбаларыттан 11 биригээдэ 975 туонна оту былааннааҕын, бэлиэр, 675-ин кэбиспиттэр. Иккиһинэн, төһө даҕаны хотунан ааҕылыннар, дойдулуу олохтоох-дьаһахтаах улууска тиэхиньикэ от үлэтигэр күүскэ туһаныллара төһүү буолар.
“Биһиги улууспут 2019 сылтан “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин” бырагырааматыгар киирсэн, тиэхиньикэ өттүнэн кыаҕырдыбыт. Холобур, 2019 с. соҕотох хаһаайыстыба сенажтыыр буоллаҕына, билигин 5 хаһаайыстыба сенаж бэлэмниир”, – диир.
Томпо улууһа быйыл сааскы төрүөх суотугар билигин 2,6 тыһ. ынах сүөһүлээх, 2,4 тыһ. сылгылаах буоллаҕына, 2-лии тыһ. кэриҥэ төбөнү кыстатыаҕын салайааччы сабаҕалыыр. Сүөһү биирдэ 500-чэ төбөнөн көҕүрүөн сөбүн Дмитрий Будимирович быйыл “төбө харчытыгар” сайаапкалааччы ахсаана аҕыйаабытыгар олоҕуран этэр эбит.
“Дьон сааһыран, хотон үлэтин кыайбат буолан иһэр. Аны үлэһит наймылаһыахтарын өссө ороскуоттаах буолуо. Хас биирдии ыал ааҕынан-суоттанан көрөн баран, быһаарыы ылынар”, – диир.
Кырдьык, айылҕа сокуонун кыайбыт суох.
Василий Никифоров
Хаартыскалары “Бытантай уоттара” хаһыат эрэдээксийэтэ тиксэрдэ.