Оттооһун хаамыыта: былааннаммыт от үстэн биирэ кэбиһилиннэ

Ааспыт нэдиэлэ чэппиэригэр түмүллүбүт сыыппараларынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн от бүттүүн былаана 19,31 бырыһыана туолан испит буоллаҕына, бу нэдиэлэ саҕаланыытыгар көрдөрүү эмискэ өрө таҕыста. Ол курдук, былааннаммыт 459 307 туоннаттан 154 694-дэ кэбиһиллэн, толоруу бырыһыана 33,68 буола оҕуста.

Онуоха кураан, куйаас күннэр туран биэрбиттэрэ сабыдыаллаабыта саарбаҕа суох. Былырыын баччаҕа 120 725 туонна кэбиһии баара. Дьон турунуута даҕаны күүстээх: ходуһаларга 28 589 киһи таҕыста, барыта 9 869 звено үлэлиириттэн толору тиэхиньикэлээҕэ – 2 383, быһаҕас сэбилэниилээҕэ – 4 137, көлө-илии күүһүнэн оттооччута – 120, кыһыл илиинэн үлэлээччитэ – 3 267. Отчуттарга 11 057 тыраахтар төһүү буолар.

Мобильнай биригээдэлэр уруккутун курдук Аммаҕа уонна Орто Халымаҕа эрэ тэриллэн оттуу сылдьаллар. Амма улууһугар 17 биригээдэ 780 туонна оту туруорда, Орто Халымаҕа соҕотох биригээдэ отчуттара 30 туонналаахтар. Атын улуустарга чугастааҕы сирдэрин сирийэн оттоон баран, бу атырдьах ыйыгар туруналлара күүтүллэр.

Василий Никифоров

Хаартыска: «Мүрү саһарҕата»

Читайте дальше