Оттооһун хаамыыта: бастыҥ улуустар оттоон бүтэн, мобильнай биригээдэлэр ортолоон эрэллэр

Атырдьах ыйын бүтэһик нэдиэлэтигэр үктэннибит. Күһүҥҥү халлаан хотуттан тымныы тыыннаах курас тыалынан үрэн, отчуттары ыксатарга-ыгылытарга дылы. Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтигэр түмүллүбүт сыыппараларынан сирдэттэххэ, атырдьах ыйын 26 күнүнээҕи чахчынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 349 070 туонна от кэбиһиллэн, былааннаммыт кээмэйтэн 80 бырыһыана туолла.

Улуустар төһөнү оттуур кыахтаахтарын сабаҕалааһыннара ааспыт нэдиэлэттэн эбиллии өттүгэр сыҕарыйбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, атырдьах ыйын 19 күнүгэр диэри уһун кэмҥэ 89 бырыһыан ыйанан турбут буоллаҕына, билигин 91-гэ таҕыста. Маны отун ыйааһыныгар таһаардахха, 6 858 туонна. Обургу былааннаах уонна ала-чуо курааннаабыт илин эҥээрдээҕи улуустартан Уус Алдан 89-тан 100-кэ (26 790 т оннугар 30 000 т), Таатта 77-тэн 92 (25 260 т – 29 915 т), Мэҥэ Хаҥалас 78-тан 85 (32 504 т – 35 699 т) итиэннэ сааскы халаантан эмсэҕэлээбит Өлүөхүмэ 78-тан 79 (11 873 т – 12 063 т) бырыһыаҥҥа диэри эптилэр.

Сабаҕаланар кээмэй көрдөрүүтэ өссө улаатыаҕын Чурапчылаах Дьокуускай таҥнары тартылар: чурапчылар 94-тэн 86 (37 497 т – 34 278 т), киин куорат хаһаайыстыбалара 81-тэн 76 (8 746 т – 8 300 т) бырыһыаҥҥа түстүлэр.

Бу отчуоттанар кэмҥэ ходуһа бастыҥнара улаханнык халбаҥнаабатылар. Нам улууһа былааннаммыт кээмэйтэн 95,1 бырыһыанын кээрэттэ, ол эбэтэр 26 195 туонна оттонно. Сайын устатыгар илин-кэлин түһүспүт Уус Алдан улууһа 28 359 туонна кэбиһиилэнэн, былаанын 94,5 бырыһыанын толорон иһэр. Үс бастыҥ иһигэр Кэбээйи улууһа киирдэ: 10 176 туонна былааннааҕыттан 9 472 туоннатын туруорда (93,1%). Хаҥалас улууһа лоп курдук 90 бырыһыанын толордо, 27 909 туонна кэбиһиилэннэ. Бүлүү сүнньүнээҕи улуустар эмиэ эриэ-дэхси оттоон иһэллэр: бастыҥнара – ус сайыны быһа уоту кытта охсуспут үөһээ бүлүүлэр 89,1 (23 158 т от) уонна ньурбалар 89 (24 939 т от) бырыһыаннарын булуннулар.

Манна сыһыаран бэлиэтээтэххэ, от үлэтин хара ааныттан тэрээһиннээхтик саҕалаабыт Абый улууһун отчуттара хотуурдарын көхөҕө ыйыыллара чугаһаата. Дьиҥинэн, былааны толоруунан бастаан иһэллэр: бу күҥҥэ 97,9 бырыһыаннаахтар, былааннаммыт 1 968 туоннаҕа тириэрдэллэрэ 42 эрэ туонна хаалла.

Улахан былааннаах улуустар ортолоругар олус эстибит-быстыбыт суох. Арай, сахалыы тэринэн-дьаһанан олорор элбэх нэһилиэктээх Томпо улууһа илин эҥээр курааныгар хабыллан, үөтэтэ суохтук оттоон-мастаан иһэр: 5 747 туонна былааннааҕыттан 2 401 туоннатын бөрөөн, 41,8 бырыһыаннанна. Саха сүөһүлээх Эбээн Бытантай 29,7 (былаана – 2 001 туонна от), Алдан 30,5 (былаана – 1 700 т), Усуйаана 43,4 (былаана – 415 т) бырыһыаннарын кээрэттилэр.

Сүрүннээн, курааннаабыт улуустарга тэриллибит мобильнай биригээдэлэр 36 745 туонна оту чөкөтөр былааннаахтарыттан бу отчуоттанар кэмҥэ 179 биригээдэ 16 484 туонна (44,86%) кэбиһиилэннэ. Ити иһигэр Амма 36 мобильнайа 4 223 туонна (66,71%), Куорунай 42 биригээдэтэ 1 246 туонна (60,90%) оту туруордулар. Былааны толорууга Мэҥэ отчуттара бастаан иһэллэр: 18 мобильнай биригээдэ 1,5 тыһ. туонна оту туруоран, 74,43 бырыһыаннаах. Дьокуускай хаһаайыстыбатын 4 биригээдэтэ 627 туонна оту кэбиһэн, былаанын толордо. Бүлүү улууһун 18 биригээдэтэ 2 461 уонна Үөһээ Бүлүү 7 мобильнайа 2 497 туонналыы кэбиһиилээхтэр.

Министиэристибэҕэ суоттуулларынан, сабаҕаланар 395 935 туонна оту, ол иһигэр мобильнай биригээдэлэр бэлэмниэхтээх 36 745 туонналарын, таһынан былырыыҥҥы быйаҥтан ордон куруламмыт 37 286 туонна оту холбоон, сүөһү-сылгы 2024 – 2025 сыллардааҕы кыстыкка дороххой аһылыгынан 99 бырыһыан хааччыллара ситиһиллиэҕэ. Маны таһынан сүмэһиннээх аһылыкка 28 939 туонна сиилэс угуллуохтаах, 14 307 туонна сенаж сууланыахтаах. Билиҥҥитэ туһааннааҕынан 33 уонна 14 бырыһыанныыта бэлэмнэннэ.

Василий Никифоров

Читайте дальше