От үлэтэ үмүрүйдэ, аны бурдук, хортуоппуй хомуура үгэннээн ыытыллар

От үлэтэ төһө даҕаны үмүрүйдэр, былааннарын аһара толорбут улуустар кэккэлэрэ сырыы ахсын хаҥаан иһэр. Балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, ааспыттааҕы (04.09.2023) көрдөрүүгэ бэһиэ эбит буоллахтарына, өссө 4 улуус эбилиннэ.

Ол курдук, Абый 139, Үөһээ Халыма 103, Таатта уонна Кэбээйи 100-түү бырыһыаны ситистилэр. Былааннарын эрдэ толорбут Хаҥаластан уонна Дьокуускайтан ураты бу сырыыга Өлүөхүмэ 4 (106% этэ), Нам 2 (110% этэ) уонна Ньурба 1 (103% этэ) бырыһыанныынан тупсаран биэрдилэр. Бу күннэргэ былааннарын толоруохтаах улуустар: Куорунай (99%) 12 003, Мэҥэ Хаҥалас (98%) 43 273 уонна Амма (97%) 31 428 туонналыы кэбиһиилээхтэр.

Өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар тэриллэн оттуу сылдьар 170-ча мобильнай биригээдэҕэ бу сырыыга Дьокуускай 1 звенота эбиллэн биэрдэ. Мобильнайдар 30 тыһ. тахса туонна оту туруорарга соруктаналларыттан бу отчуоттанар кэмҥэ 22 518 туонна кэбиһиилэннилэр.

Инньэ гынан, быйыл сайын ходуһаҕа киириэхтэн тэтимнээхтик саҕаламмыт от үлэтэ түмүктэниэ эрдэ. Хаалбыт кэмҥэ бачча кэбиһии кэлиэ диэн чопчу этэргэ уустук эрээри, аҕыйах күн иһигэр 2 бырыһыан өрө баран, бүттүүн былааны толоруу бырыһыана 97-ҕэ тиийдэ, ол аата 444 761 туонна от кэбиһиллэн, былаан (459 307 туонна) толорулларыгар диэри аны 14,5 тыһ. туонна наада. Сүөһү сүмэһиннээх аһылыгар анаан сиилэһи угуу 72% (17 115 туонна) уонна сенаһы суулааһын 47% (6 055 туонна) туолан иһэллэр.

Бу кэмҥэ, үгэс курдук, аны хомуур үлэтэ үгэннээн ыытыллар. Бурдук үүннэрэр хаһаайыстыбалар хомуур үлэтин күргүөмүнэн саҕалаатылар. Арай, чурапчылар эбиэстэрэ ситэ илик буолан, тардылыннылар. Сахастат дааннайынан, быйыл саас 11 424 гектар иэннээх бааһынаҕа бурдук сиэмэтэ түһэриллибит буоллаҕына, итинтэн 1 552 гектара быһыллан хомуйулунна, ол эбэтэр 13 бырыһыана. Былырыын баччаҕа 1 208 гектарга үлэ ыытыллыбыта. Отчуоттанар кэмҥэ 1 339 туонна бурдук туорааҕа хомуйуллан, былааннаммыт кээмэйтэн 12,7 бырыһыана туолан иһэр. Орто үүнүү – гектартан 8,6 сэнтиниэр.

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл 65 455,6 туонна хортуоппуй үүнүүтэ ылыллыахтаах. Отчуоттанар кэмҥэ 18 бырыһыана, ыйааһыҥҥа уурдахха, 11 835 туонна хортуоппуй хомуйулунна. Орто үүнүү гектартан 103 сэнтиниэргэ тэҥнэһэр. Элбэх сиргэ “иккис килиэпкэ” көхтөөхтүк туруммут буоллахтарына,Нам, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Таатта, Уус Алдан улуустарыгар хортуоппуй хомуура өссө даҕаны саҕалана илик. Былырыын баччаҕа 9 437 туонна хортуоппуй хостоммута.

Аһаҕастыы уонна сабыылаах үүннэриллэр оҕуруот аһын хомуура тэтимин ыла илик. Барыта 30 689,7 туонна оҕуруот аһа хомуйуллара былааннаммытыттан бу кэмҥэ 2 897,2 туонна аһаҕастыы олордуллар оҕуруот аһа (1 793 туонна хаппыыста, 327 туонна моркуоп, 304 туонна сүбүөкүлэ уонна 473 туонна атын көрүҥнэр) быһылынна. Бу кэмҥэ сабыылаах үүннэриллэр 3 125,2 туонна оҕуруот аһа хомуйулунна. Орто үүнүү – гектартан 121 сэнтиниэр.

Василий Никифоров. Хаартыска «Мүрү саһарҕата»

Читайте дальше