Остуоруйалыах эрэ…

РФ Дьиэ кэргэн, СӨ Оҕо саас сылын чэрчитинэн Сордоҥноох нэһилиэгин бибилэтиэкэтэ олунньуга “Арай биирдэ…” диэн остуоруйа айыыга күөн күрэс тэрийбитэ.

Тэрээһин оҕо санаатын сааһылаан, уус-уран хомоҕой тылынан-өһүнэн суруйарыгар көҕүлүүр, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрэр уонна дьиэ кэргэн көҕүн үрдэтэр сыаллаах ыытылынна диэн сырдатта бибилэтиэкэр Мария Никифорова.

Куобах уонна саһыл                  

Былыыр-былыр куобах уонна саһыл олорбуттара эбитэ үһү. Куобах күнү быһа үлэлээн тахсар эбит: мас таһар, талах көрдүүр, хороон туттар миэстэтин булунар. Оттон саһыл күнү быһа оонньоон-көрүлээн, мэниктээн тахсара үһү.

Сайын бүппүт. Кыыдааннаах кыһын тиийэн кэлбит. Куобах сайыны быһа оҥостубут хороонугар киирэн, тымныы кыһынтан куттаммакка хорҕойон олорбут.

Биирдэ саһыл эрэйдээх кэлэн куобах аанын тоҥсуйбут уонна көрдөспүт: «Куобах, ыччуу-ычча, дэлби тоҥнум, миигин хорооҥҥор киллэрэҕин дуо? Иккиэн бииргэ олоруохха», — диэбит. Онуоха куобах туран эппит: «Суох, саһыл, киллэрбэппин. Уһун сайыны быһа үлэлээбэккэ эрэ оонньоон, көрүлээн тахсыбытыҥ дии. Мин эйиигин сэрэппитим эбээт…».

Саһыл эрэйдээх ону истэн баран хайыаҕай, тоҥон-тоҥон баран тиит анныгар киирэн утуйан хаалбыт.

Онтон ыла куобах уонна саһыл бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан да көрсүбэтэхтэрэ эбитэ үһү.

Самира Заболоцкая

Ыйдаах күн

Арай биирдэ ый уонна күн мөккүһэн турбуттар. Күн маннык киһиргээбит: «Мин наһаа сырдыкпын, олус сылааспын. Тыктахпына хаар ууллар, саас кэлэр, сайын түргэнник буолар, от-мас көҕөрөр, от үүнэр, сир аһа ситэр. Оттон сүттэхпинэ халлаан хараҥарар, түүн буолар, дьон куттанан бараллар, — диир эбит. — Ол иһин дьон мин сыдьаайа тыгарбын күүтэллэр”.

Онтон ый: «Мин толору, томточчу туолан турдахпына ыйдаҥалаах түүн сырдык буолар. Хойутаабыт, муммут айанньыкка суолун сырдатабын. Хаһан ыйбыт туолар диэн дьон куруутун күүтэллэр ээ. Миигинэн күн-дьыл туругун билгэлииллэр. Мин эмиэ наһаа наадалаахпын», — диэбит.

Мөккүһэн-мөккүһэн баран, күннээх ый иккиэн туһалаах эбиппит диэн биир санааҕа кэлбиттэрэ эбитэ үһү.

Алина Скрыбыкина

Кинигэ – киһи доҕоро

Арай биирдэ биир оҕо улахан толкуйга түспүт. Тоҕо биһиги күммүт эргийэрий, тоҕо биһиги сирбит төгүрүк буоллаҕына киэҥ куйаарга түһэн хаалбаппытый диэн ыйытыыларга эппиэт көрдөөбүт. Бэйэтин наһаа билинэр буолан, дьонтон ыйытарын кэрэйбит.

Уол олус сымсах санаалаах эрээри, кинигэттэн эппиэт көрдүүргэ эмиэ санамматах. Күн-дьыл аастар ааһар, уол ыйытыктарыгар эппиэт булбат. Тиһэҕэр тиийэн, бэйэтэ эппиэт булар кыаҕа суоҕун өйдөөн, дьэ дьонтон ыйытарга санаммыт.

Дьон киниэхэ кинигэтэ аах диэн сүбэлээбиттэр. Уолбут онно дьэ өйдөөбүт, ардыгар төһө да толкуйга түспүтүҥ иһин, бэйэҥ эрэ тустаах эппиэт буларгар уустук түгэн баар буоларын. Онтон сиэттэрэн кини кинигэ олус туһалааҕын өйдөөбүт.

Слава Захаров

Куобах уонна чыычаах

Арай биирдэ куобах иллэҥ кэмин хайдах атаарыан сөбүн туһунан уһуннук толкуйдаабыт. Ол олордоҕуна киниэхэ чыычаах көтөн кэлбит уонна эн тугу толкуйдуугун диэн ыйыппыт. Чыычаахха куобах хоруйдаабыт: «Мин тугу гынарбын билбэппин, ончу олус чуҥкуйбут курдукпун дии». Онуоха чыычаах эппиэтэ бэлэм: «Эн хайдах билбэккин! Мин оонньуохпун сөп, ыллыахпын сөп, ончу чуҥкуйбаппын дии. Мин билигин тугу гынаргын этиэм. Эн куобахтары кытары ыстаҥаҕа күрэхтэһиитэ тэрий: ким элбэҕи ыстанарын көрүөхпүт буоллаҕа», — диэбит.

Куобахтар мустан улахан да улахан күрэхтэһии тэрийбиттэр. Киэһэ куобах чыычаахха улахан махталын тиэрдибит. Онтон ыла ойуурга куобахтар ойорго куоталаһар буолбуттар.

Ирма Кондакова, 4-с кылаас, Сордоҥноох

Читайте дальше