Биһиги Сордоҥноох алын сүһүөхтээх оскуолатыгар 1975 сыллаахха 8-с буолан киирбиппит. Бу оскуола оччолорго үс кылаастаах этэ. Детсадтан биһигини иитээччибит Людмила Дмитриевна Егорова атаарбыта.
Маҥнайгы учууталбытынан Люция Гаврильевна Готовцева (Мохначевская) буолбута.
Кылааска маҥнайгы уруокпутун өйдүүбүн. Учууталбыт дуоскаҕа миэлинэн суруйар буочарын көрөн: «тэтэрээккэ уруучуканан суруйар курдук суруйар эбит», диэн наһаа сөхпүтүм. Оччолорго миэли оскуолаҕа эрэ тутталлар этэ буоллаҕа. Переменаҕа көрүдүөргэ тахсан иккилии буолан күн тахсыытын батыһа эргийэ сылдьан ырыа ыллыырбыт. Дьэ, ол дьарыкпытын олус диэн сөбүлүүр этибит.
Саас, күн дьиҥ күүскэ сылытар кэмигэр, таһырдьаттан киирбэт этибит. Оччотооҕу оҕолор бары октябренок, пионер буоларга дьулуһарбыт, үөрэхпитигэр бэркэ кыһаллар этибит. 16.00 ч. -18.00 ч. диэри уруок ааҕар кэмҥэ уулуссаҕа биир даҕаны оҕо көстүбэт буолара.
Люция Гаврильевна стадиоҥҥа илдьэн хайыһардыырга үөрэтэр этэ, быыкаа сыыр «оҕотуттан» сатаан түспэккэ хаарга буккуллуу буолара.
Пионер кэккэтигэр киирэн баран аны пионерскай хостон тахсыбат этибит. Онно «Бэлэм буол» хаһыаты туох баар балаһатын бүтүннүү ааҕарбыт, ырытыһарбыт. Пионерскай хаалтыһы сыыһа бааммыт оҕолор баар буоллахтарына мөҕүттүү бөҕөтө буоларбыт. Улахан библиотекаттан «Дети-герои» диэн кинигэни уларсан олус сөбүлээн ааҕар этибит.
Оскуола дириэктэрэ Татьяна Иннокентьевна күрүчүөгүнэн баайарга, баайар сабынан хатан кинигэҕэ бэлиэтиир закладкатын оҥорорго, сахалыы оһуор быысабайдыырга үөрэппитэ.
Баайар күрүчүөгүм суох буолан аҕам тиис суунар суокка тутааҕын кыһан күрүчүөк оҥорон биэрбитэ. Онтубун бэрткэ диэн харыстаан илдьэ сылдьыбытым. Биирдэ өйдөөбөккө, «баайбытым сөллүө» диэн,быһыыта, күрүчүөкпүн төгүрүктүү эриллибит саппар батары биэрээччи буоллум уонна онтубун хостоору тосту тардан кэбистим. Күрүчүөкпүн харыһыйан ытааһыннаах буоллум. Кэлин аҕам өссө хас да күрүчүөк оҥорбута.
Нуучча тылыгар Анна Алексеевна үөрэтэр этэ. «Наһаа да үчүгэйдик нууччалыы саҥараар, киинэҕэ эмиэ итинник саҥараллар дии», — диир саныырым.
Кини курдук саҥарар буолаары библиотекаттан үксүн нууччалыы кинигэ уларсан ааҕарым.
Дьэ ити курдук кып-кыра оскуолабытыгар оҕо саас саамай умнуллубат күннэрэ-дьыллара ааспыттара.
Биһиги күн бүгүҥҥэ диэри маҥнайгы учууталбытын Люция Гаврильевнаны кытта сибээспитин быспаппыт, суруйсабыт, билсэбит.
Бу туһунан сиһилии “Хотугу сардаҥа” хаһыакка ааҕаарыҥ.
Татьяна Константинова-Аммосова, үлэ бэтэрээнэ, Горнай уонна Өймөкөөн улууһун норуот маастара, Бэрдьигэстээх, Горнай улууһа