Сыл аайы Олоҥхо ыһыаҕар анал торум оҥоһуллар. Быйыл Аммаҕа ыһыллар 18-с Олоҥхо ыһыаҕын тосхоло саха олоҥхотун туһунан араас чинчийиилэргэ, ырытыыларга олоҕурда.
Кыыс Аммаҕа ыһыллар Олоҥхо ыһыаҕар Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун бары муниципальнай тэриллиилэриттэн 70-тан тахса киһи улуус чиэһин көмүскүөҕэ. Ол эбэтэр биир дойдулаахтарбыт араас куонкурустарга, күрэхтэһиилэргэ, быыстапкаларга, биллэн турар, улууспут бастыҥтан бастыҥ, чулууттан чулуу, кэрэттэн кэрэ, быһата, «былырыын Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымнаахтык тэрийбит өймөкөөннөр дуо?» дэтэрдии, ох курдук оҥостон Амма сиригэр үктэннилэр.
Өймөкөөн улууһун дэлэгээссийэтин Мээндиги нэһилиэгэ көрсөр. Баһылыктара Илья Семёнов «өймөкөөннөрү биир дойдулаахтарбын көрсөрдүү тэринним», диир. Кини Үчүгэй нэһилиэгин орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлээбит буолан, Тымныы полюһун олус истиҥник, күндүтүк ылынар, ахтар, саныыр. Мээндигилэр өймөкөөннөрү тэҥэ муомалары көрсөллөр.
— Өймөкөөн оройуонуттан 70-тан тахса киһи 12 массыынанан Аммаҕа тиийдилэр. Ол иһигэр Уус-Ньара, Төрүт, Сордоҥноох, Үчүгэй, Томтор, Өймөкөөн дьоно, араас куонкурустарга кыттааччылар, общественностан көмөлөһөөччүлэр бааллар. Олоҥхону толоруу күрэҕэр Сордоҥноох оҕолоро кыттыахтара, Төрүт нэһилиэгиттэн Босиковтар дьиэ кэргэннэрэ эмиэ тустаах куонкуруска кыттыыны ылыаҕа, — диэн иһитиннэрдэ улуустааҕы култуура Управлениетын салайааччыта Аксиния Сивцева. – Улуустан Өймөкөөн МТ баһылыгын солбуйааччы Саргылаана Можукова, нэһилиэк баһылыктарыттан Төрүт, Үчүгэй, Сордоҥноох салайааччылара Ыһыаххха ыалдьыттыахтара.
Өймөкөөттөрү Амматааҕы лицей спортивнай саалыгар олохтоотулар. Онно 50-ча киһи түстэ, атыттар аймахтарынан тарҕастылар, итини таһынан биир дьиэни куортамнаатыбыт, — диэтэ Аксиния Семеновна.
Олоҥхо ыһыаҕыттан репортааһы кэлэр нүөмэргэ ааҕыҥ.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата